22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

2024 сыл сааһыгар Дьокуускайга элбэх хайысхалаах спортивнай саала үлэҕэ киириэҕэ

09:01, 04 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: Дьулустаан Сергеев, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга Ильменская уулуссаҕа физкультураны уонна спорду сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн элбэх хайысхалаах спортсаала тутуллар. Эбийиэккэ сылаас бэрилиннэ, ис үлэлэр саҕаланнылар.

Эбийиэги кэлэр сыл ыам ыйыгар диэри бүтэрэн туттарар былааннаахтар, суруйар СИА.

Бөдөҥ тутууну бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников хонтуруоллаата. Спортивнай сааланы VIII «Азия оҕолоро» норуоттар ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга туттар былааннаахтар.

Икки этээстээх дьиэ уопсай иэнэ 2,8 тыһ кв м тахса. 16 м үрдүктээх универсальнай саалалаах, тренировочнай уонна единоборство саалалара бааллар.

«Тутуу тэтиминэн быһаардахха, эбийиэк эһиил ыам ыйыгар үлэҕэ киириэҕэ. Элбэх хайысхалаах саала буолар. Манна «Азия оҕолоро» оонньуулар кэмнэригэр волейбол күрэхтэһиитэ ыытыллыаҕа. Ол кэнниттэн бэйэтин аналынан үлэлиэҕэ. Россия президиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Дьокуускайга спорт инфраструктурата сайыннарыллан иһиэҕэ. 2030 сылга диэри манна уонча эбиийэк олоххо киириэҕэ. Онон Дьокуускай спортивнай инфраструктуранан хааччыллыаҕа. Бу боппуруоска Ил Дархан Айсен Николаев улахан болҕомтотун уурар, хас биирдии киһи спортивнай эбийиэккэ сылдьыахтаах уонна физкультуранан, спордунан дьарыктаныахтаах диэн баһылык сорудах туруорар», — диэтэ Сергей Местников.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА