Дьокуускай куорат буруйу оҥорууга көрдөрүүтэ регион үрдүнэн бастакы миэстэҕэ таҕыста. 2023 сыл тохсунньутуттан алтынньы ыйга диэри регион киин куоратыгар 5680 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан Саха сирин прокуратурата иһитиннэрэр.
Бу көрдөрүүнэн, Дьокуускайга ортотунан 560-ча буруйу оҥоруу бэлиэтэнэр. Ол курдук, прокуратура иһитиннэриитинэн, тохсунньу ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри куоракка 5012 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ, онтон алтынньы ыйга 596.