22 Ахсынньы 22.12
  • -34°
  • $ 102,34
  • 106,54

2016 сыл. Сааскы ыһыы үлэтэ

11:13, 17 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ тыа хаһаайыстыбатыгар уонна ас-үөл политикатыгар министиэристибэтэ сааскы ыһыы үлэтин тэрээһинин саҕалаата. Сири кытта үлэҕэ уонна материальнай-техническэй хааччыйыыга Департамент салайааччыта Афанасий Семенов: «Бырабыыталыстыба сорудаҕынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 49601 га иэннээх сиргэ ыһыы үлэтэ барыа. Ол иһигэр туорахтаах култуура — 11097 га, хортуоппуй — 8659 га, оҕуруот аһа — 2144 га, сүөһү сиир аһа — 27701 га». 


Туорахтаах уонна сүөһү сиир аһыгар 5009 туонна сиэмэ наадата суоттаммыт. Ол иһигэр сэлиэһинэй — 465 т., ньэһимиэн — 641 т., эбиэс — 965 т., сүөһү сиир эбиэһэ — 2751 т., атын култуураларга — 126 т., итиэннэ уһун кэмҥэ үүнэр от сиэмэтэ — 61 т. Онон билигин баар сиэмэни суоттаан-ааҕан баран, тиийбэт уопсайа 689 туоннаны эбии үүннэрэн таһаарар сорук турар.

«Тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга 2467 га сиргэ хортуоппуйу ыһалларыгар сорук туруорулунна. Онон эрдэттэн сиэмэлэрин булуналларыгар сүбэлиибит. Манан дьарыктанар оператордар хортуоппуй сиэмэтин сайаапка быһыытынан өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн аҕалыахтарын сөп. Онон муус устар иккис декадатыгар бары хаһаайыстыбалар сиэмэнэн хааччыллалларыгар соруктаах үлэни саҕалаатыбыт», — диэн Афанасий Семенов иһитиннэрдэ.

Сааскы ыһыы үлэтигэр, ол эбэтэр «Үүнээйи үүннэриитин сайыннарыыга» сэмсэ бырагыраама туолуутугар өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 473,5 мөл. солк., ол эбэтэр былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ 107 % үп көрүллүбүт. Федеральнай бюджеттан — 89,5 мөл.солк.

Министиэристибэ пресс-сулууспата. 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА