Саха сиригэр сыл бүтүөр диэри 1000-тан тахса коронавируһу утары бэриллэр вакцина дозата кэлиэ. Бу туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова “ДФО-2020” онлайн-форум кэмигэр эттэ.
«Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ 842 вакцина бэриллэн турар. Итинтэн 42 — балаҕан ыйыгар, 300 — ахсынньы саҕаланыыта, 500 — ааспыт нэдиэлэҕэ. 1000-тан тахса доза сыл бүтүөр диэри кэлэрин күүтэбит. Итини таһынан эбии 60500 вакцинаны олунньу бүтүөр диэри ылыахпыт», — диэтэ Елена Борисова.
Миниистир вакцинаны бастаан коронавируһу кытары үлэлиир мэдиссиинэ үлэһиттэрэ, онтон поликлиника уонна атын быраастар ылыахтарн эттэ.