“Уһук илиҥҥи гектарга” көһөр дьон көмөлөрүнэн үөскүүр хас биирдии бөһүөлэги судаарыстыба өйүөҕэ. Бу туһунан дойду бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи ФУо боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Дьокуускайга пресс-подходка иһитиннэрдэ.
“Гектар көмөтүнэн саҥа поселениелар үөскүүллэрин көрөн баран, бу хамсааһыны өйүөхтээхпитин өйдөөбүппүт. Биһиги саамай аччаабыта сүүс киһиэхэ диэн туруорбуппут. Ол эрээри бүгүн гектар ылбыт 71 киһи түмсэн олорор сиригэр коммуникацияны тардарга үбүлээһини көрбүппүт. Биһиги хас биирдии саҥа бөһүөлэккэ көмөлөһүөхпүт”, — диэтэ кини.