22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ыам ыйын 11 күнэ. Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, 1932 сыллаахха кымыс оҥоруутугар анал уураах тахсыбыт

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 11 күнэ, Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, 1932 сыллаахха Саха АССР Совнаркома «Кымыс оҥоруу туһунан» уураах ылар. Билигин биэлэр төрөөн эрэллэр. Кыстыгы этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэбит. Хаһаайыстыбалар сайылыктарыгар көһөллөр. Кымыс сахаларга олус суолталаах утах. 75 сыл анараа өттүгэн Улуу Кыайыыны уруйдаан Саха сирин олохтоохторо Кыайыы чороонноругар Кыайыы кымыһын куттан, Кыайыыны уруйдаабыттара.


🔹1924 — Ньылхаҥҥа (1922 сыллаахха Айааны уонна киниэхэ сыһыаннаах Ньылханы Уһук Илин уобалаһыгар биэрбиттэрэ) олохтоох тоҥустар мунньахтаан баран быһаарыы ылаллар: «Тоҥустары Сэбиэскэй былаастан босхолуурга уонна бэйэни салайыныыга олоҕуран саҥа олоҕу тутарга».

🔹1932 — Саха АССР Совнаркома «Кымыс оҥоруу туһунан» уураах ылар.

🔹1935 сыллаахха Мэҥэ Хаҥаласка Абалаах күөлүгэр курорт арыйар туһунан дьаһал тахсыбыт.

🔹1939 — Монголияҕа Халхин-Гол өрүс аттыгар Манчжоу Го уонна Монголия (дьиҥэр Япония уонна ССРС) сэбилэниилээх күүстэрин ыккардыларыгар кыргыһыы саҕаламмыт. Бу саастан күһүҥҥэ диэри барбыт сэбилэниилээх утарыта турсууну сорох устуоруктар Иккис нуучча-дьоппуон сэриитэ диэн ааттыыллар. Икки өттүттэн сүүһүнэн таанка уонна сөмүлүөт кыттыбыта, уончалыы тыһыынча киһи өлбүтэ.

🔹1944 — Оборуона судаарыстыбаннай кэмитиэтэ (ГКО) кырыым татаардарын Кырыымтан депортациялырр туһунан уураах таһаарбыт.

🔹1971 — ХНТ генеральнай сэкиритээригэр 23 дойдуттан 2200 билим уонна култуура диэйэтэллэрэ илии баттаабыт суруктара киирбит. Бу сурукка кинилэр тулалыыр эйгэни киртитии омсотун быһаарбыттар. Биир сыл буолан баран (1972 сыл бэс ыйын 5 күнүгэр) устуоруйаҕа аан бастаан тулалыыр эйгэҕэ аналлаах ХНТ кэмпириэнсийэтэ ыытыллыбыт.

🔹1984 — худуоһунньук Потапов Иннокентий Афанасьевич Ойуунускай аатынан бириэмиэйэ лауреата буолбут.

Төрөөбүттэр:

🔸1935 — Александр Самсонов — Арассыыйа Федерациятын үтүөлээх артыыһа, саха норуодунай артыыһа.

🔸1945 — Афанасий Тобонов — Саха сирин улуустарыгар ракеталар стуупеннарын түһэриини утары охсуспут саха киһитэ, уопсастыбаннай диэйэтэл, бэтэринээр.

Өлбүттэр

🔹1975 — Бороҕон улууһун Бастакы Суотту нэһилиэгиттэн төрүттээх Сергей Борогонскай (1907—1975), бэйиэт, публицист уонна очеркист, бөдөҥ салайааччы, баартыйа диэйэтэлэ. Отутус сылларга Ньурба улууһун салайа олорон суруйбут «Киэҥ Ньурба» хоһооно улуус өрөгөйүн ырыата буолбута.

🔹2019 — Үөһээ Бүлүү Боотулуутуттан төрүттээх саха норуодунай бэйиэтэ Баһылай Сиипсэп өлбүт. 600-тэн тахса бөлүһүөктүү анаарыылаах сонеты суруйбута. Хоһооннорун таһынан кириитик уонна тылбаасчыт быһыытынан биллэр. «Күнүм киэһэрэн эрдэҕинэ» икки туомнаах кинигэтигэр элбэх саха суруйааччыларын тустарынан суруйбута.

https://sah.wikipedia.org/wiki/Сивцев_Василий_Тарасович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Ыам_ыйын

https://sah.wikipedia.org/wiki/Васильев_Сергей_Степанович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Ньылхан

https://sah.wikipedia.org/wiki/Потапов_Иннокентий_Афанасьевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Самсонов_Александр_Парфеньевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Тобонов_Афанасий_Ильич

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар