22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тыа сирин ипотекатыгар уларытыылар киирдилэр

16:01, 20 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Тыа сирин ипотеката» бырагыраама дьон сэҥээритин ылла. Онон 2021 сылга үбүлээһинэ үс төгүл эбиллэр буолла. Судаарыстыба бюджетыттан — 4,1 млрд солк тиийэ көрүллүөҕэ. Ол туһунан Михаил Мишустин эттэ. Алтынньы 27 күнүнээҕи бырабыыталыстыба уурааҕынан бырагыраамаҕа уларытыылар киирдилэр. 


Кэлэр сылтан дьиэ туттар сириҥ хайаан да бэйэҥ бас билиигэр баар буолуохтаах диэн ирдэбил тохтуур. Ол эбэтэр учаастагы арендалаан ылан да баран дьиэни туттуохха сөп.

Маны сэргэ дьиэни тутуннуҥ да тута пропискаланыахтааххын. Бу дьон тыа сиригэр чахчы олохсуйалларыгар кыаҕы үөскэтиэҕэ. Тустаах киһи дьиэтин туттаан, бэйэтин бас билиитигэр көһөрөөт, пропискаламмытын туһунан ипотека ылбыт бааныгар биллэриэхтээх.

Элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ хамсаабат баайы-дуолу ылар буоллаххына — этээһиттэн тутулуктаах. Ол эбэтэр кыбартыыраны биэскэ диэри этээстээх эрэ дьиэттэн ылыы көҥүллээх буолар.

Ийэ хапытаалын бастакы усунуос быһыытынан туттуохха сөп. Онон оҕолоох дьон бырагыраамаҕа кытталлара элбиэҕэ.

Рефинансирование бырагыраамата үлэлээн эрэр. Ол туһунан сиһилии манна аахhttps://ysia.ru/izmeneniya-v-selskoj-ipoteke-propiska-etazhnost-i-stroitelstvo-na-arendovannoj-zemle/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА