Саха сирин тустууга хамаандата 16 сыл иһигэр бастакытын Арассыыйа тустууга чөмпүйэнээтиттэн биир да мэтээлэ суох төнүннэ. Бу туһунан СӨ тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын кылаабынай тренерэ Александр Оконешников санаатын үллэстэр.
Санатар буоллахха, быйылгы чөмпүйэнээти пандемиянан сибээстээн хаста да көһөрөн, алтынньы 15-18 күннэригэр Москва аттынааҕы Наро-Фоминск куоратыгар ыыппыттара. Саха сириттэн 12 бөҕөс кыттыбытыттан, биир да спортсмен мэтээлгэ тиксибэтэҕэ.
Александр Савельевич чөмпүйэнээккэ бэлэм пандемиянан сибээстээн ыарахаттардаах буолтун, сорох спортсменнар коронавируһунан ыалдьан, күрэххэ ситэ чөлүгэр түспэккэ кыттыбыттарын, чөмпүйэнээт хаста да сыҕарытыллан, кыттааччы ахсаана бүтэһигэр диэри чуолкайдаммакка, дьарыкка хааччахтар уопсай түмүккэ охсубуттарын этэр. «Спортсменнар кыахтарын толору туһанан кииристилэр», — диэтэ кини.
«Күрэх кэннэ ырытыы түмүгүнэн инникитин тастан исписэлииһи ыҥырары толкуйдуубут. Хас эмэ спортсмеммыт атын регионнарга сыһыарыллан дьарыктаналлар. Холобур, олимпийскай чөмпүйүөҥҥэ Анатолий Белоглазовка бырааттыы Копыловтар, Олег Фомин уонна Андриан Ленскай дьарыктаммыттара. Максим Толмачев Красноярскайга тустуу Академиятыгар Арассыыйа хас да төгүллээх призера — Юрий Белоновскайга. Алексей уонна Петр Копыловтар, Тимур Николаев аармыйаҕа сулууспаларын кэннэ ЦСКАҕа дьарыктаныахтара.
Аныгыскы күрэхтэһии сыл саҕаланыыта Красноярскайга буолара буолуо. Хайдаҕын да иһин онно бэлэмнэниэхпит», — диэтэ тренер.
Матырыйаалы сиһилии манна аах https://ysia.ru/pandemiya-skazalas-na-rezultatah-glavnyj-trener-sbornoj-yakutii-po-volnoj-borbe-ob-itogah-chempionata-rossii/