27 Муус устар 27.04
  • -1°
  • $ 92,01
  • 98,72

Сылгы Ыытар — Ойуһардаах хайысханан суол хаара ыраастанна

Хаартыска: "Халыма долгуннара" хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ «Аартыка суоллара» ХТ Орто Халыматааҕы филиалын начаалынньыга Илья Моттуев иһитиннэрэринэн, ахсынньы 6 күнүгэр тэрилтэ тиэхиньикэлэрэ Ойуһардаах бөһүөлэгэр диэри соруктаах үлэлэрин толордулар.

Тустаах үлэҕэ 3 тиэхиньикэ, 4 үлэһит үлэлээтэ. Онон Сылгы Ыытар — Ойуһардаах хайысханан суол хаара ыраастанна. Бу күннэргэ суол бэлиэлэрэ туруорулуннахтарына, уураах таҕыстаҕына, бу хайысхаҕа суол арыллыбытынан ааҕыллыаҕа.

Былаан быһыытынан бу биригээдэ салгыы Хатыҥнаахха уонна Үөһээ Халыма кыраныыссатыгар тиийэр суолга үлэлиэҕэ.

Бу күннэргэ Алаһыай суолун Сыбаатай — Эбээх — Өлөөкө Күөлэ хайысхатыгар күөл мууһун кээмэйдиир үлэ ыытыллар. Күөл, үрэх мууһун кээмэйэ нуорманы куоһарар түгэнигэр, тиэхиньикэлэр тутатына тахсыахтара.

Бу күннэргэ суолу-ииһи көрүү үлэтэ Арҕахтаах- Андрюшкино оҥоһулунна. Бу хайысхаҕа тустаах үлэ Алаһыай суолун кэнниттэн ыытыллара былааннанар.

Тиэхиньикэлэр Сиэн Күөл нэһилиэгэр тиийдилэр, суруйда «Халыма долгуннара» хаһыат телеграм-ханаала.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА