Ил Түмэҥҥэ Доруобуйа харыстабылыгар уонна Ил Түмэн Социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэттэрин мунньаҕа ыытылынна. Мунньаҕы бэрэссэдэтэллэр Светлана Давыдова уонна Алена Атласова ыыттылар. Кыттыыны норуот дьокутааттара, доруобуйа харыстабылын, үп министиэристибэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ ыллылар.
Сүрүн боппуруоһунан өрөспүүбүлүкэ Счетнай балаататын 2023 сыллаах үлэтин отчуотун иһиттилэр. Дакылааты аудитор Октябрина Никонова туруорда.
Отчуот тула
Октябрина Никонова иһитиннэрбитинэн, Счетнай балаата Ил Түмэн дьокутааттарын кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Ол курдук, былааннаммыт үлэни сэргэ, дьокутааттар дьаһалларынан хонтуруоллуур уонна эспиэрдиир-анаалыстыыр тэрээһиннэри ыыппыттар. 2023 сылга былаанынан 50 тэрээһин барбыт: 20 хонтуруоллуур уонна 30 эспиэрдиир-анаалыстыыр. Ол иһигэр Ил Түмэн дьокутааттарын сорудаҕынан 14 бэрэбиэркэ тэриллибит. Уопсайа 102 нуорма-быраап бырайыактарын эспиэртизалаабыттар.
Бу кэмҥэ Счетнай балаата национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин уонна сыалларын ситиһиилэрин чорботон хонтуруоллаабыттар. Үлэҕэ кэһии тахсыбатыгар профилактиканы ыытыыга болҕомтону күүһүрдүбүттэр. Амма улууһугар стратегическай сайдыы былаана өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын сүрүн хайысхаларыгар сөп түбэһэрин көрбүттэр. Маннык үлэ аан маҥнайгытын барбыт. Улуус муниципальнай бырагыраамалара үбүнэн хааччыллыыларын, сыыпара технологиялара күннээҕи олоххо киириитин чинчийбиттэр.
Манна даҕатан эттэххэ, сыыппараҕа көһүү Ил Дархан Айсен Николаевынан, Ил Түмэнинэн өйөнөр. Былырыын бэс ыйыгар федеральнай уорганнар исписэлиистэрэ кыттыылаах «Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка хонтуруоллуур-суоттуур уорган субьектарыгар уонна муниципальнай тэриллиилэригэр цифровой технологиялары киллэрии уонна туһаныы» диэн мунньах ыытыллыбыта. Манна эрэгийиэн уонна муниципалитеттар хонтуруоллуур-ааҕар уорганнарын бары таһымнарыгар автоматизацияны уонна сыыпараҕа трансформацияны киллэриини өйөөбүттэрэ, быһаарыылары бигэргэппиттэрэ.
2023 сылга «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сүрэх-тымыр ыарыыларын кытары охсуһуу» эрэгийиэн бырайыагынан барбыт үлэлэри бэрэбиэркэлээбиттэр. Бу бырагыраама «2020-2024 сылларга доруобуйа харыстабылын сайдыыта» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар.
«ТФОМС бүддьүөтүгэр уонна социальнай эйгэҕэ бүддьүөтү ороскуоттааһын хонтуруолун» иитинэн биэс эбийиэги бэрэбиэркэлээбиттэр: доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин уонна түөрт биэдэмэстибэ иһинэн үлэлиир тэрилтэни — доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Өрөсүүрсэ киинин, Нерюнгри, Мэҥэ Хаҥалас уонна Алдан киин балыыһаларын.
Кэһиилэри туоратыыга предписаниелар суруллубуттар, кэһиилэр үксэ кэриэтэ туоратыллан, Счетнай балаата кэллиэгийэтин уурааҕынан хонтуруолтан 2023 сыл муус устар 13 күнүгэр уонна бэс ыйын 7 күнүгэр уһуллубуттар.
Мунньах ырытыытын түмүгүнэн Счетнай хамыыһыйа отчуотун дьокутааттар ылыннылар, үлэлэрин сыаналаатылар. Отчуоту Ил Түмэн хонтуруоллуур кэмитиэтигэр тиэрдэргэ быһаарыы ыллылар.
Дьокутааттар ыйыталлар
Мунньахха дьокутааттартан кэккэ боппуруостар киирдилэр. Ол курдук, бэрэбиэркэ кэмигэр балыыһаларга быраастар, стационардарга куойка-миэстэлэр тиийбэттэрэ, саҥа атыылаһыллыбыт үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ мала үлэлээбэтэ о.д.а. биллибит.
Бу барыта бүддьүөттэн көрүллүбүт харчы көдьүүһэ суохтук туһаныытыгар киирэр. Маны тэҥэ саҥа атыылаһыллыбыт малы поставщик хойутатан тиэрдэр түбэлтэлэрэ эмиэ тахсыталаабыт. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өттүттэн үлэ ыытыллан туоратыллыбыт.
Федеральнай сокуоннары толорбот түбэлтэлэр тахсыбыттар. Холобур, сүрэх-тымыр ыарыыларынан эпэрээсийэ кэнниттэн, ыарыһахтар эминэн эрэгийиэн бырагырааматынан хааччыллаллар, оттон федеральнай сокуоҥҥа ол суруллубатах. Ол эмиэ кэһии быһыытынан көстөр. Ол туһунан Светлана Давыдова ыйытта, эпэрээсийэ кэнниттэн эминэн хааччыллыбат түгэнигэр ыарыһах туруга лаппа мөлтүөн сөбүн ыйда. Маныаха аудитор докумуоннарга уларытыы киирбитин, федеральнай быраабыла уһуллан, билигин эрэгийиэн нуормаларыгар олоҕуралларын эттэ. Инньэ гынан, сүрэх-тымыр эпэрээсийэтин кэнниттэн ыарыһаҕы үс ый устата ирдэнэр эминэн хааччыйаллар.
Бэрэбиэркэ сорох эмп кууһунан атыылаһыллан сытарын булбут. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ быһаарбытынан, эми кууһунан атыылаһыы коронавирус пандемиятын саҕана ыытыллыбыт, дьону босхо эминэн хааччыйыыга туһаныллыбыт. Маны тэҥэ сааҥсыйаларынан сибээстээн, эмп атыыга суох буолар куттала үөскээн, уларытыылары киллэрбиттэр. Стационардары алта ыйдаах саппаас эминэн хааччыйбыттар. Харайыллар болдьох кытаанахтык тутуһуллар, маныаха тустаах анал бырагыраама үлэлиир.
Өссө биир кэһиинэн сыаналаах мэдиссиинэ оборудованиетын атыылаһан баран, туһаммат буолуу тахсыбытын дьокутааттар ыйдылар. Маныаха эмиэ өйдөнөр эппиэти доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ биэрдэ. Сахабыт Сиригэр малы ыраах куораттан тиэрдии, миэстэтигэр таҥыы, туруоруу бириэмэни эрэйэр. Анал исписэлиистэр ирдэнэллэр. Үлэ барыта 44 ФЗ-га олоҕурар буолан, бириэмэ ааһар. Мантан сиэттэрэн кэһиилэр тахсыбыттар, кэмигэр туоратыллыбыттар.
Сааҥсыйалар киирэ иликтэринэ, туох баар улахан сыаналаах мэдиссиинэ тэрилин тас дойдулартан атыылаһан олорбуттар. Бу эмиэ болдьохтоох кэмҥэ үлэ барбатаҕар оруоллаах буолбут.
Дьокутаат, өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын кылаабынай бырааһа Иван Луцкан сокуону кэһиилэр биричиинэлэригэр, бырагыраамалар үбүлэнээһиннэригэр, бэрэбиэркэ кэмигэр идэлээх исписэлиистэр кыттыыларыгар тохтоото.
Хоруйдаабыттарынан, бэрэбиэркэ сокуоҥҥа сөп түбэһиини сэргэ, үлэ көдьүүһүн, туһатын эмиэ көрөр. Маныаха миэстэтигэр үлэлии олорор каадыртартан элбэх тутулуктаах. Онон салайааччыга тус эппиэтинэс сүктэриллэрин аудитор санатта.
Оттон судаарыстыбаннай бырагыраамалар үбүнэн хааччыллаллар. Инники сылларга ирдэнэр мэдиссиинэ страховкатыгар ситэтэ суох үбүлээһин баара туоратыллыбыт.
Бэрэбиэркэ кэмигэр исписэлиистэри ыҥырар быраактыка баар. Ааспыт сыл икки исписэлиис үлэлэспит, ол эрэн доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр буолбатах. Эспиэрдэри бэрэбиэркэҕэ ыҥыран үлэлэтии эмиэ 44 ФЗ-га олоҕурар, куонкуруска кыайбыт эрэ киһи кыттар кыахтаах.
Иван Петрович сокуон сорох ирдэбиллэригэр, клиническэй эрэкэмэндээссийэлэр киирэн эрэллэригэр тохтоото. Холобурдаан эттэххэ, балыыһаҕа остуолтан, олоппостон ураты эбии анал малы-салы атыылаһыахтаахтар. Билигин оннук нуорма суох буолан, сокуону кэһии тахсар куттала баар.
Маныаха быраабылаларга, нуорма-быраап аакталарыгар уларытыылары киллэрэргэ сүбэлээтилэр.
Дьокутаат Никита Тимофеев ыарахан сыаналаах мэдиссиинэ тэрилэ тоҕо 9 ыйтан ордук үлэлээбэккэ турбутун доруобуйа министиэристибэтиттэн туоһуласта. Маны тэҥэ эмп кууһунан атыылаһылыннаҕына, болдьоҕо тахсарыгар куттал үөскүүрүн эттэ.
Маныаха улуус балыыһаларыгар атыылаһыллыбыт импортнай үс мэдиссиинэ тэрилэ алдьанан турбутун, өрөмүөҥҥэ саппаас чаастара тиийбэтэҕин эттилэр. Закупкалары ыытан, 10 ый устата саппаас чааһы күүтэн, тустаах инженеры булан үлэлээбиттэрин кэпсээтилэр. Саҥа тэрил лицензиялааһына түргэнник ыытылларын, ортотунан 2 нэдиэлэ буоларын быһаардылар. Сорох тэриллэри миэстэтигэр үлэлэтэргэ исписэлиис тиийбэтэҕэ эмиэ бэлиэтэммит.
Үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ тэриллэрин туруорууга кытаанах усулуобуйалары тутуһуу ирдэнэрин эттилэр. Холобурдаан, МРТ аппараатыгар анал категориялаах исписэлиис үлэлиэхтээх. Аппараат турар сиригэр, лицензиятыгар туспа ирдэбиллээх. Бу эмиэ, арыт, бириэмэни ирдиир.
Түмүккэ аудитор эппитинэн, закупкалары ыытыы 44-с ФЗ нуормаларыгар олоҕурар. Сокуон үлэлээбит кэмиттэн табыгастаах уонна көдьүүстээх уларытыылар тиһигин быспакка киирэллэр.
Алена Атласова паллиативнай көмө уонна онкология ыарыылаахтарга тохтоото. Кини санаппытынынан ыарахан, үтүөрбэт ыарыылаах дьоҥҥо көмөлөһөр паллиативнай мэдиссиинэ хас да хайысхалаах: мэдиссиинэ, уйулҕа өттүнэн көмө, сытар, хамсаабат дьону көрөргө-харайарга үөрэтии. Маныаха Сахабыт Сиригэр үлэ барарын, үп көрүллэрин иһитиннэрдилэр. Бүддьүөт көдьүүһүгэр бэрэбиэркэлиир үлэлэр өссө ыытылла тураллар, ыам ыйыгар түмүктэрэ тахсыахтаах диэн эттилэр.