Саха сиригэр 2024 сылга өссө сэттэ гибриднай электроыстаансыйа киириэҕэ — Томпо, Өймөкөөн уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар.
Ол туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ ыҥырыытыгар бэлиэтээтэ.
«Инновационнай бырайыагы киллэрии уматыкка экономияны таһынан Арктика экологиятыгар хоромньу тахсыытын аҕыйатар», — диэтэ баһылык.
Айсен Николаев эппитинэн, саҥа гибриднай энергокомплекстар ыраах сытар сирдэргэ уматыгы экономиялыырга туһалаахтар. Ол курдук алта маннык эбийиэк 1300 туонна дизель уматыгын экономиялаата.
Саха сиригэр барыта 72 маннык ыстаансыйа тутуллуоҕа.