Сахабыт сирин талба талааннаах ырыаһыттара Сайыына уонна Ольга Подлужная бу ый бүтүүтэ ырыа-тойук, дьүрүһүйэр хомус киэҥ түһүлгэтин төрүттүөхтэрэ. Ол бэлиэ тэрээһиҥҥэ сыһыары тутан кинилэр ааспыт кыһын Алдаҥҥа кэлэн кэнсиэрдээн барбыттарын туһунан кылгастык сэһэргии түһүөҕү баҕарыллар.
Алдаҥҥа Дьокууускайтан артыыстар сэдэхтик сылдьаллар. Арай соһуччу былырыын кыһын ахсынньы 6 күнүгэр Евгений Прокопьев салайааччылаах 5 киһилээх бөлөх кэлэн ыллаан-туойан көрөөччүлэри сэргэхситэн, сүргэлэрин көтөҕөн барбыта. Алдан оройуона тэриллибитэ 85 сыла туолбут үбүлүөйүн бэлиэтиир күннэргэ күндү бэлэх оҥорбуттара. Биллэр ырыаһыт Сайыына эбэҥкилии, сахалыы, нууччалыы, омуктуу ырыалара, Ольга Подлужная хомуска толоруулара көрөччү кутун туппуттара. Онтон эстрада артыыстара Алдан олохтоохторугар, ордук чуолаан хайыһардьыттары бэлэмниир Киин салалтатыгар истиҥник көрсүбүттэрин иһин махталларын биллэрбиттэрэ.