«Сахафильм» хампаанньа «Кино для всех» нэдиэлэтээҕи аахсыйаны саҕалаата. Дьаһал тэрилтэ 30 сылыгар ананар.
Киинэлэри көрүү босхо, суруйар СИА.
Алтынньы 17 — 19 күннэригэр режиссер Никита Аржаков «Дьикти саас» киинэтин көрүөхтэрин сөп. Сеанстар бэнидиэнньиккэ, оптуорунньукка уонна сэрэдэҕэ 12.00 чааска «Лена» киинэ тыйаатырыгар буолаллар.
Алтынньы 24 — 26 күннэригэр «Снайпер саха» көстүөҕэ.
Билиэттэри кассаҕа ылыахха сөп. Төлөпүөн: 8-914-266-84-42.
Хаартыска: Сахафильм