22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Сахабэчээт» тэрилтэ төрүттэммитэ сэттэ сылын бэлиэтээтэ

11:17, 03 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Сахабэчээт» автономнай тэрилтэ дириэктэрэ Филипп Пестряков саалаҕа толору мустан олорор үлэһиттэрин тэрилтэлэрэ төрүттэммит үтүө күнүнэн итиитик-истинник эҕэрдэлээтэ. Сүрүн ситиһии быһыытынан саҥа киоска тутуллан бүппүтүн, остолобуой өрөмүөннэммитин, саҥа бэчээттиир аппаратура атыылаһыллыбытын уонна Улуу Кыайыы 70 сылыгар «Забота-Арчы» хаһыат таһаарыылаахтык  үлэлээбитин бэлиэтээтэ. Атыттар кинилэр холобурдарын батыһан эрчимнээхтик үлэлииллэригэр ыҥырда. Сыл түмүгүнэн үчүгэй үлэлээх Николай Петровка, Ньургуйаана Скрябинаҕа, Татьяна Милешкинаҕа, Анна Варламоваҕа, Лира Яковлеваҕа Бочуотунай грамота уонна харчынан бириэмийэ туттартаата.

Ол кэнниттэн сыл аайы ыытыллар номинация кыайыылаахтарынан «Цифра года» — «Илкэн» хаһыат (Валентин Христофоров), «Проект года» — «Чолбон» сурунаал (Данил Макеев), «Креатив года» — остолобуой коллевтива (Галина Мельникова), «Редакция года» — «Забота-Арчы» хаһыат (Александр Веревкин), «Человек года» — Людмила Асекритова буолбуттарын дохсун ытыс тыаһын ортотугар иһитиннэрдэ.

—  Үгэскэ кубулуйбут бу күммүтүн сыл аайы үөрэ-көтө бэлиэтиибит. Биллэн туран, бу ыарахан кэмҥэ бары үчүгэйдик үлэлии-хамсыы сылдьарга дьулуһабыт, — диэтэ профсоюз кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Лира Яковлева.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА