«Азия оҕолоро» Оонньуу баскетболга күрэхтэһиитигэр Саха сири кыргыттарга хамаандата туох баар матчы барытын кыайан, «кыһыл көмүһү» ыллылар.
«Биһиги баскетболисткаларбыт олус үчүгэйдик оонньоотулар, онон салгыы да ситиһиилээх буолалларыгар эрэллээхпит. Дьоһуннаахтык бэлэмнэммиттэрэ. Сүүмэрдээһини, бэлэмнэниини киин регионнарга бастыҥ тренердэргэ ааспыттара», — диэн СӨ спорт миниистирэ Михаил Гуляев эттэ.
Бүтэһик Ураллааҕы федеральнай уокуругу кытта киирсии олус тыҥааһыннаахтык барбыта, хойукка диэри ахсааннара тэҥ этэ. Түмүктүүр эргииргэ Саха сирин кыргыттара 61:54 ахсаанынан утарсааччыларыттан аппыттара.
Үрүҥ көмүс призердарынан Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук буолла, «боруонсаны» Сибиир хамаандата ылла.
«Күрэхтэһииттэн олус астынным. Таһыма, истиҥ сыһыан үөртэ. Волонтердар үлэлэрин хайгыыбын. Утарсааччыларбыт олус күүстээхтэр. Бары бэлэмнээхтэр. Биһиги иккис миэстэни ыллыбыт. Бу биһиэхэ бастыҥ көрдөрүү», — диэн СИА-ҕа уһук илиннэр тренердэрэ Тамара Женжера эттэ.