21 Сэтинньи 21.11
  • -28°
  • $ 100,22
  • 105,81

Саха сиригэр сэтинньи саҕаланыыта 40 кыраадыстаах тымныылар түһүөхтэрэ

15:01, 30 октября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сэтинньи бастакы күнүттэн синоптиктар өрөспүүбүлүкэ территориятыгар 40 кыраадыстаах тымныылар түһүөхтэрэ диэн эттилэр. Ол туһунан УГМС метеорологическай уонна агрометеорологическай борогунуоска отделын салайааччыта Саргылана Никитина эттэ.

«Тымныы салгын Саха сирин барытын сабардыаҕа. Кэлэр сууккаҕа Горнайга -30 буолуоҕа. Хотугулуу-илин 40 кыраадыстаах тымныылар сатыылыахтара. Халыма улуустарыгар сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээх тыал түһүөҕэ. Киин улуустарга нэдиэлэ бүтүөр диэри нуормаҕа сөп түбэһэр күн-дьыл туруоҕа: түүнүн тымныйар -23…-28 кыраадыс, күнүс — -13…-18 кыраадыс»,
— диэтэ ЯСИАҕа Саргылана Никитина.

Эксперт эппитинэн, бу нэдиэлэҕэ сылаас соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа туруоҕа.

«Сылаас күн-дьыл Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэм, Алдаҥҥа уонна Нерюнгри оройуоннарыгар бэлиэтэнэр. Сэтинньи 1 күнүттэн соҕуруулуу-илин тымныйыаҕа»,
— диэтэ эксперт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА