22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр ОДьКХ бастакы музейа арылынна

16:04, 01 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Таатта улууһугар бастакы нарком Ананий Андреев аатынан ОДьКХ музейа арылынна. Ол туһунан СИА-ҕа салайааччы Галина Арылахова кэпсээтэ. 


«Ананий Кононович Андреев аатын үйэтитэр сыалтан бу музей тэрилиннэ. Хомойуох иһин бу улуу киһи туһунан биһиги олох аҕыйаҕы билэбит. Кини сахалартан бастакы үрдүк үөрэхтээх инженер-электрик идэтин баһылаабыт киһи буолар. Төһө да кылгас олоҕу олордор, Сахатын сирэ сайдарыгар олус элбэҕи оҥорбут үтүөлээх», — диэн кини кэпсээтэ.

Музей оҥоһуллуутун концепциятын Галина Егоровна бэйэтэ суруйбут. Ол кэннэ 2015 сыл балаҕан ыйыгар музейы тэрийэр туһунан «СӨ ОДьКХ» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Александр Ноговицын бирикээһэ тахсар. Билигин Саха сиригэр олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын историятын кэпсиир матырыйааллары түмэр сорук турар.

Галина Арылахова ОДьКХ биир идэлээхтэрин сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Сергей Анисимовтыын Коломна куоракка бараары бэлэмнэнэллэр. Кинилэр онно 2014 сыллаахха Россияҕа бастакынан тэриллибит ОДьКХ музейын кытта билсиэхтэрэ, уопуттарын ылыахтара.

Ыспыраапка:

Ананий Кононович Андреев 1901 сыллаахха Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1922 сыллаахха Бүлүүтээҕи партия бюротун бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. 1924 сыллаахха куорат исполкомун бэрэссэдээтэлэ. 1928 сыллаахха Дьокуускайдааҕы киин кэмитиэт сэкирэтээринэн, САССР совнаркомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1938 сыл бүтүүтэ репрессияҕа түбэспитэ. 1943 сыллаахха хаайыыга сытан өлбүтэ.  Кэлин үтүө аата, чиэһэ чөлүгэр түһэриллибитэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА