Саха сиригэр 4000-тан тахса бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы араас эйгэҕэ бэлиэтэннэ. Ол туһунан предпринимательство миниистирин бастакы солбуйааччы Максим Карбушев социальнай ситимнэринэн эттэ, СИА суруйар.
«От ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьоҥҥо нолуок эрэһиимэ үлэлиир. Билигин 4105 киһи араас эйгэҕэ бэлиэтэннэ. Нэһилиэнньэ бырагыраамаҕа кыттыыта көхтөөх. Бары муниципальнай тэрээһиннэргэ үлэлиир», — диэтэ Максим Карбушев.
Кини бэлиэтээбитинэн, бу көрүҥ сыллааҕы дохуоттара 2,4 мөл солк тахсыбат, эбии үлэһити ылбакка өҥөнү оҥорооччуларга уонна атыылааччыларга олус барсар. Ордук тырааныспар уонна консалтинг өҥөтүн оҥорооччулар туһаналлар. Кинилэри сэргэ араас тэрээһиннэри ыытааччылар, народнай-художественнай оҥоһугу уонна сувениры оҥорооччулар киирсэллэр.
Санатар эбит буоллаахха, бу бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы бизнеһин кистээбэккэ ыытарыгар уонна туох да хааччаҕа суох дохуот киллэринэригэр туһалаах. Дьоҕус уонна орто бизнескэ көрүллэр өйөбүлүнэн туһаныахтарын сөп.