Коронавирус эпидемиятынан ылыллыбыт сорох хааччахтааһыннар Россияҕа өссө биир эбэтэр икки сыл хаалыахтарын сөп. Ити эрээри экономиканы сатарытыан сөптөөх кытаанах харантыыны киллэрииттэн туттунар ордук, «Российская газета» суруйар.
Маннык санааны вирусолог, «Вектор» киинин лабораториятын урукку сэбиэдиссэйэ Александр Чепурнов эттэ. «Сорох хааччахтааһыннар усулуобуйаларыгар өссө да биир эбэтэр икки сыл олоруохпут, вакцинаны сөпкө туттар буолуохпутугар диэри. Ортотун булуохпутун, онно сөптөөх миэрэлэри ылыахпытын наада, медиктар үлэлэрин чэпчэтэргэ. Ити эрээри кытаанах харантыыны киллэрэртэн туттунуохха — экономиканы сатарытыа суохтаахпыт» — кини тылларын URA.RU тириэрдэр.
Кини бэлиэтииринэн, вакцинаны маассабайдык туттууга хайдах түмүгү биэрэрэ өссө да биллибэт. Холобур, вакцинация кэнниттэн иммунитет дьайыытын болдьоҕо. Манна эбии араас вакцина араастык дьайыан сөп: күүһэ уонна кэмэ-кэрдиитэ.
«Барыта чуолкайданнаҕына биирдэ сөптөөх вакцинанан туһанар буолуохпут. Эбэтэр чэпчэкитик дьайар вакцинаны, холобур «капельнайы» туттар буолуохпут», — диэтэ эксперт.