Олоҥхо ыһыаҕын биир туспа ураты көстүүтүнэн Кэрэ кыыһы талыы үгэскэ кубулуйда. Дьааҥылар ол сиэри тутуһан «Кыыдааннаах Кыыс Бухатыыр» куонкуруһу тэрийэн ыыттылар.
Барыта сэттэ кыыс кытынна: Уус Алдан, Бүлүү, Усуйаана улуустарыттан уонна Дьааҥыттан бааллар. Олоҥхо дойдутуттан тиийэн кэлбит курдук быһыылаах-таһаалаах, кэрэ көрүҥнээх кыргыттар биир биир сыанаҕа тахсан талааннарын, спорка дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Өй былдьаһыыта, күүһү-уоҕу да тургутуһуу түһүмэх быһыытынан киллэриллэн, дьон сэҥээриитин ылла.
Түмүккэ, Дьааҥы улууһун Эҥэ нэһилиэгиттэн төрүттээх, кооперативнай колледж 1-кы кууруһун устудьуонката Анна Потапова «Кыдааннаах Кыыс Бухатыыр » бочуоттаах ааты ылла. Кыыс суруналыыстарга иһитиннэрбитинэн, олоҥхону кыра сааһыттан толорор, спордунан утумнаахтык дьарыктанар. «Куонкуруска кыайыыбын төрөөбүт дойдубар, дьоммор-сэргэбэр аныыбын«, — диэтэ кини.
Анна олоҥхону дьааҥылыы толорбутун дьон астына кэпсиир.
Кыайыылаах кыыска «Сахабулт» нуорка саҕынньаҕы кэтэттилэр.