Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олонхо ыһыаҕа» аны 4 сылынан, 2020 сылга, Өлүөхүмэ оройуонугар ыытыллар. Бу тэрээһиҥҥэ өлүөхүмэлэр бэлэмнэнии үлэтин саҕалаатылар.
Өлүөхүмэ оройуонун делегацията ыһыах ыһыллар сирдэрин үөрэтэр сыаллаах бу күннэргэ Мииринэйинэн, Сунтаарынан, Ньурбанан үлэлээн, бастакы этабы түмүктээтэ.
Ньурбаҕа икки күн устата «Кыталыктаах» ландшафтнай-этнографическай сиэр-туом комплексын 34 га иэннээх сирин-уотун, тутууларын көрөн-истэн, үөрэтэн бардылар. Бөлөх салайааччыта, Өлүөхүмэ улууһун муниципальнай оройуонун инфраструктураны сайыннарыы управлениетын салайааччыта Борис Полуэктов: «Ньурбаҕа сырыыттан элбэҕи туһанныбыт, сүрүн туруоруммут сыалбытын ситистибит, наадалаах матырыйааллары хомуйдубут. Саха норуотун сиэригэр-туомугар олоҕуран ыһыах ыһар сир бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир буолуохтааҕын өссө төгүл биллибит», — диэн бэлиэтээтэ.
Санатар эбит буоллахха, 2012 сыллаахха Ньурбаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕар «Кыталыктаах» комплекска кымыс иһиитин, күн көрсүүтүн сиэрин-туомун ыытар түһүлгэлэр, нэһилиэктэр, тэрилтэлэр ураһалара, Киин түһүлгэ, ипподром, Уран уус, Ыччат, Оҕо түһүлгэлэрэ, хорчуоппа кырдала уонна да атын эбийиэктэр тутуллубуттара.