Бүтүн Россиятааҕы суолга сэрэхтээх буолууга тэрээһин чэрчитинэн оҕолорго суолга, транспортан сэрэхтээх буолууга, суол быраабылатын билиигэ, чөл олоҕу тутуһарга диэн сыаллаах-соруктаах Намҥа улуустааҕы «Безопасное колесо» диэн куонкурус буолан ааста.
Куонкуруска бэлэмнээх, эрэллээх Хатыҥ Арыы орто оскуолата 2 хамаанда туруоран, Хатырык уонна Модут орто оскуолалара кэлэн, уопсайа 4 хамаанда көхтөөх кыттыыны ылла. Ол курдук, бастакы уонна иккис миэстэни Хатыҥ Арыы оскуолатын икки хамаандата ылла уонна үһүскэ Хатырык оҕолоро таҕыстылар.
Куонкуруска биирдилээн бастыыр иһин киирсиигэ бастыҥнарынан Хатыҥ Арыыттан Влада Соловьева уонна Модуттан Эдгар Попов тахсаннар, «Колми» САУо туруорбут «STELS» велосипедтарынан наҕараадаланнылар.
Ольга Павлова, Намнааҕы ОГИБДД суолга сэрэхтээх буолууга пропоганда инспектора: “Маннык куонкуруһу сылын аайы ыытабыт. Хамаандалар олус бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Тэрээһиҥҥэ Намнааҕы физическэй культура уонна спорт, культура уонна духуобунай сайдыы, үөрэх управлениелара, оҕо техническэй киинэ, «Колми» САО күүс-көмө буоллулар. Куонкуруска бары астына, үөрэ-көтө кытыннылар”, — диэн санаатын үллэһиннэ.