29 Кулун тутар 29.03
  • -15°
  • $ 92,26
  • 99,71

Мүрү нэһилиэгэр ыттарга анаан сылаас эбийиэк тутулунна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгэр Бороҕон сэлиэнньэтигэр Ленская уулусса арҕаа уһугар ыттарга анаан сылаас приют аһылынна. Эбийиэк 10 вольердаах, персоналга аналлаах икки хостоох: приемнай уонна операционнай.

Уус алдан улууһун олохтоохторо санаалара араас. Холобур, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Роман Бережнев Саха сиригэр олох туһунан сокуон наадатын этэр:

– «Ыт – киһи доҕоро» диир этиибит кэнники кэмҥэ олох төттөрү өттүнэн эргийэн, улахан айдааннаах түгэннэр таҕыстылар. Ыты көрүүгэ-харайыыга хаһаайын ытын олбуорун иһигэр иитэрин ситиһэр сокуон наада. Олбуор таһыгар таҕыста да, хаһаайын ытыгар улахан эппиэти сүгүөхтээх диэн күүстээх ирдэбил туруохтаах.

Булчут киһи ытын кытта тыаҕа таҕыстаҕына, босхо ыытан бултатан баран, тутан ылан баайа сылдьыахтаах. Бэйдиэ сылдьар ыты туох да кэпсэтиитэ суох харайыахха наада.

Кини этэринэн, бэйдиэ сылдьар ыт хоромньутун киһи ааҕан сиппэт. Онон ыкка күүстээх сокуон тахсыахтаах.

— Мин Саха сиригэр ыкка туһунан сокуон баар буолуохтаах диибин. Биһиги, сахалар, ыты сатаан ииппэппит. Ол иһин бэйэбитигэр сөптөөх сокуону таһааран, онон эрэ хааччахтаан иитиэхпитин наада.

Ыты иитии уруккуттан улахан мөккүөрдээх этэ. Урут ыты пааспардаах буоллаҕына эрэ каадырабай булчуттарга иитэри көҥүллүүллэрэ. Онон ыты иитии бэрээдэктэнэ сылдьбыт кэмнэрдээҕэ, — диэтэ кини, суруйда «Мүрү саһарҕата» хаһыат.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА