22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар Чурапчыттан 74 кыттааччы айаннаата

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

От ыйын 1-2 күннэригэр Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр ыытыллар «Айыы санаа айана» XVI өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо ыһыаҕар Чурапчы улууһуттан 74 кыттааччы бэс ыйын 29 күнүгэр, сарсыарда 7 чаастан «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтиттэн сэттэ араас тыраанспарынан (1 ПАЗ автобус, 2 «Газель” микроавтобус, 1 “Соболь” микроавтобус, 2 “Тойота-Вокси” микроавтобус, 1 “Ноах” микроавтобус, 2 “Тойото-Ипсун” массыына) айаҥҥа турунан бэс ыйын 30 чыыһылатыгар “Көмүс күрүө” ыһыах ыытыллар түһүлгэтигэр тиийдилэр. Дэлэгээссийэ салайааччытынан Чурапчы улууһун баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова, «Олоҥхо киинэ» салайааччы Дмитрий Попов, култуура салалтатыттан тыраанспарга эппиэттээх исписэлиис Спартак Дьяконов илдьэ бардылар.

Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан тиийбит тимир уустар түһүлгэлэрин аһыллыытын сиэрин туомун «Айылгы” норуот айымньытын дьиэтин исписэлииһэ Муосчут Кыыһа Айылгы Пинигина ыытыаҕа, алгыһы «Олоҥхо киин” исписэлииһэ, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Валерий Герасимов түһэриэҕэ.

Чурапчы улууһун дэлэгээссийэтэ алта фольклор көрүҥэр, уус-уран оҥоһуктар быыстапкаларыгар уонна уустар күөн күрэстэригэр кыттыыны ылыаҕа:

«Уруйдан, улуу Олоҥхобут!» олоҥхону толорооччулар күөн күрэстэригэр куолаан уонна биирдиилээн – 28 киһи, ол иһиттэн 5 оҕо;

«Оһуордаах оһуокай үҥкүүтэ – барыбыт түмсүүтэ» оһуохайы таһаарааччылар күрэстэригэр 4 киһи кыттыыны ылыахтара;

«Чэй эрэ, чабырҕахтаах чаҕаарыах!» күрэскэ – 12 киһи кыттыыны ылыахтара;

“Дьырылата дьүрүһүтэр олоҥхо дойдутун хомуһа” хомусчуттар күрэстэригэр – 2 киһи кыттыаҕа;

«Дьиэрэйэр норуот ырыата — дэгэрэҥ» күрэскэ -1 киһи кыттыаҕа;

«Үлэнэн чэлгийэр Сахам сирэ» уус уран оҥоһуктар быыстапкаларыгар – 2 киһи салалтатынан улуус маастардарын үлэлэрин хомуйан илдьэн кытыннарыахтара;

«Саха тимирэ-сытыы быһах», «Саха тимирэ – бастыҥ батыйа», «Ат иҥэһэтэ-бигэ тирэх» тимир уустарын күөн күрэстэригэр – 5 киһи улууспут чиэһин көмүскүөхтэрэ.

Бары кыттааччыларга үрдүк ситиһиилэри, айымньылаах үлэни баҕарыаҕыҥ.

Ааптар: Семен Жендринскай, https://санаолох.рф/article/100904

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА