22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Түмэн сис кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕа Бүлүү улууһун пааматынньыктарын суолтатын ырытта

18:00, 16 ноября 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүлүү улууһун дьаһалтатын аактабай саалатыгар Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕа буолла. Култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин (история уонна култуура пааматынньыктарын) харыстааһын, туттуу, тарҕатыы уонна сокуонунан араҥаччылааһын тиэмэтэ көтөҕүлүннэ.


Көһө сылдьар мунньаҕы Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева салайан ыытта. Кинини кытта Ил Түмэн дьокутааттара Иннокентий Григорьев, Петр Аммосов, Марфа Филиппова култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин департаменын салайааччыта Айталина Захарова, ити департамент култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа уонна учуоттааһыҥҥа отделын салайааччыта Гаврил Терентьев, старшай инспиэктэр Ольга Турантаева, Бүлүү улууһун Сэбиэтин дьокутааттара, нэһилиэктэр баһылыктара, култуура управлениетын, музейдар үлэһиттэрэ, оскуола учууталлара, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ уо.д.а. көхтөөхтүк кытыннылар.

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Евсеев, оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин, «Бүлүү куорат» МТ дьаһалтатын баһылыга Ньургустаан Афанасьев киирии тылы эттилэр.

Салгыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа департаменын салайааччыт Аайталина Захарова «О состоянии дел в сфере сохранения, использования, популяризации и государственной охраны объектов культурного наследия (памятников истории и культуры) в Республике Саха (Якутия)», департамент отделын салайааччыта Гаврил Терентьев «О рассмотрении вопроса включения Центральной части г. Вилюйска в перечень исторических поселений регионального значения (о необходимости разработки документации в перечень исторических поселений республиканского значения)» диэн темаларга дакылааттары оҥордулар.

Бүлүү улууһугар билигин култуура нэһилиэстибэтин 58 эбийиэгэ, ол иһигэр федеральнай суолталаах археология нэһилиэстибэтин 5 эбийиэгэ баар. Бүлүү куоратын киин өттүгэр 43 былыргы тутуулаах дьиэ баар, онон XIX-XX үйэ саҕаланыытын саҕанааҕы историческай мас тутуулардаах Саха сиригэр соҕотох куорат буолар диэн дакылааччыттар тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.

Итини сэргэ куорат баһылыга Ньургустаан Афанасьев Ил Түмэн сис кэмитиэтин бөлөҕөр Бүлүү куоракка баар пааматынньыктары, историческай суолталаах былыргы мас тутуулары, дьиэлэри сиһилии кэпсээн көрдөрбүтүн Антонина Григорьева бэлиэтээн эттэ уонна инникитин бу боппуруоска бииргэ үлэлииргэ ыҥырда. Тоҕо диэтэххэ, былыргы тутуулардаах куорат «региональнай историческай поселение» диэн тутулу ыллаҕына, пааматынньыктарбытын, былыргы тутууларбытын харыстааһыҥҥа, үп да көрүллүүтүгэр улахан көдьүүстээх буолуоҕун Ил Түмэн дьокутааттара тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.

Түмүккэ мунньах ылыныллыахтаах рекомендациятын бырайыагын дьүүллэһэн дьокутааттар Иннокентий Григорьев, Петр Аммосов, Марфа Филиппова тыл эттилэр. Дакылааттар сүнньүлэринэн кэпсэтиигэ ыйытыылары биэрдилэр: оройуон Сэбиэтин дьокутааттара П.С. Томская, Н.Н. Иванова, Н.Н. Харлампьев, куорат баһылыга Н.В. Афанасьев, КИЗО салайааччыта З.В. Атласова, Дөккөн нэһилиэгин баһылыга Е.И. Степанов, үөрэҕирии музейын үлэһитэ С.В. Иванов уо.д.а.

Онон Бүлүү куорат киин өттүн өрөспүүбүлүкэ суолталаах ураты историялаах сэлиэнньэлэр испииһэктэригэр киллэрэргэ матырыйааллары ырытан, бэлэмнээн, култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа үлэлиир Саха Өрөспүүбүлүкэтин департаменыгар ыыталларыгар улуус уонна куорат дьаһалталарыгар сорудах бэрилиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА