22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хоҥор Биэҕэ саҥа тутуллубут спортсаала уонна ФАП үлэлэрэ саҕаланна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Нам улууһун Хоҥор-Биэ сэлиэнньэтигэр тохсунньу 27 күнүгэр икки саҥа эбийиэги тэҥинэн үлэлэттилэр. Спортивнай саала уонна  фельдшерскай-акушерскай пуун анал бырагыраамаларынан тутулуннулар, диэн кэпсээтэ муниципалитет баһылыга Юрий Слепцов Инстаграмҥа.


Хоҥор Биэҕэ кэтэһиилээх эбийиэктэр үлэҕэ киириилэрэ дьон үөрүүтэ буолла. Билигин сырдык, ыраас, туох баар санитарнай нуормаларга эппиэтттир, медицина тэрилинэн хааччыллыбыт медпууннаахтар.

Спортивнай саалалара нэһилиэккэ, улууска спорт уонна физическай култуура сайдыытыгар улахан тирэх буоларыгар уонна саҥа спортивнай ситиһиилэргэ сирдииригэр олохтоохтор эрэллээхтэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА