22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чурапчыга олимпиец Пинигин уулуссатын 10-с дьиэтигэр 25 ыал саҥа кыбартыыра күлүүһүн тутта

Хаартыска: Сэмэн Жендринскэй
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн, о.э. муус устар 5 күнүгэр, Чурапчы нэһилиэгин килбэйэр киинигэр, Олимпийскай чөмпүйүөн, СӨ Ил Түмэн дьокутаата Павел Пинигин аатынан уулусса 10 нүөмэрдээх аадырыһыгар үс мэндиэмэннээх 25 кыбартыыралаах саҥа дьиэ, Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлүүр национальнай бырайыагын өйөбүлүнэн үлэҕэ киирдэ.

             

Дьоро күн алгыс сиэриттэн-туомуттан саҕаланна. Үөрүүлээх дьаһалга Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, “СПБО-01” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Егор Анемподистов кыттыыны ыллыллар.

“Өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн бүгүҥҥү үрдүнэн хаарбах туруктаах дьиэлэртэн саҥа дьиэҕэ көһүү бырагыраамма чэрчитинэн 870 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх дьиэ тутуллан үлэҕэ киирдэ. Оттон биһиги Чурапчыбыт улууһугар бу сыллар усталарыгар 2000-тан тахса киһи дьиэлэннэ. Инникитин даҕаны Дойдубут баһылыгын салалтатынан бу бырагыраамма салҕанар кыахтанна онон биһиги дьоммут-сэргэбит саҥаттан-саҥа дьиэлэргэ киирэллэрин ситиһиэхпит. Бүгүн биһиги бэйэбит Чурапчыбыт уолаттара тутуу эйгэтигэр эрэллээхтик харыылаан улахан иэннээх дьиэлэри тутар буоллулар. Түгэнинэн туһанан СӨ Ил Дархана Айсен Николаевка, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, тутааччыларга, Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Чурапчы күүһэ – түмсүүгэ!” – диэн Чурапчы улууһун баһылыга Степан Анатольевич бэйэтин эҕэрдэтигэр эттэ.

     

Нэһилиэк баһылыга Владимир Дмитриевич бэйэтин эҕэрдэтигэр, “Маарыкчаан” ТОС кэккэтэ хаҥаабытын, саҥа дьиэҕэ көспүт олохтоохтор олохторо-дьаһахтара өссө тупсарыгар бэйэтин баҕа санаатын эттэ.

   

Олохтоохтор ааттарыттан махтал тылы, СӨ Бэчээтин уонна Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Болтоҥо нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, нэһилиэк Ытык сүбэтин чилиэнэ Алексей Слепцов эттэ.

                           

Өссө төгүл, Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлүүр «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагын чэрчитинэн, хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманан саҥа дьиэ күлүүһүн туппут олохтоохтору эҕэрдэлиибит. Дьиэҕит-уоккут сылаас, эрэллээх эркин, саҥаттан саҥа саҕахтары саҕа турдун!

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

 Видео Наталья Сибирякова

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА