Битээлий Былааһап – ураты киһи. Бэл, “Атын ырыаһыппын” диэн ырыалаах уонна кинигэлээх. “Хард-рок” диэн музыка биир саамай “ыарахан” хайысхатын бастакынан сахалыы саҥардыбыт – кини. Рок-музыканнартан бастакынан норуот үстүрүмүөннэрин аркыастырын кытары оонньообут – кини. Рок-музыканнартан бастакынан салайааччы, улуус култууратын тойоно буолбут – кини. Рок-музыканнартан бастакынан үрдүк үөрэҕи бүтэрбит, эбиитин билим (наука) эйгэтигэр киирбит – кини. Рок-музыканнартан соҕотоҕун 17 кинигэни таһаарбыт – кини. Өндөрөй Барыыһап Олоҥхо тыйаатырын салайарга итэҕэйбит киһитэ – кини.
Ураты киһи Битээлий Былааһап санаата далааһына да бэрт буоллаҕа. Ханна эрэ көстүөн, иһиллиэн, санаатын сайа этиэн, дьону-сэргэни кытары атах тэпсэн олорон сэлэһиэн баҕарара кэмнээх буолуо дуо?
Хата, Туймаада туонатыгар “Дорҕоон дойду” диэн айар түһүлгэ баар буолан, билигин туох эмэ этэрдээх, санаатын сайҕыыр, алтыһар баҕалаах тыыннаах доҕуһуоллаах дьон хаһан баҕарар чугас дьоннорун, көрөөччүлэрин түмэр кыахтаахтар. Былааһап да онтон туора турбата – доҕоро Михаил Донской (Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ресурснай-бырайыактыыр киин дириэктэрэ, “Дорҕоон дойду” бу киин иһинэн үлэлиир) этиитин ылынан, лоп курдук Сэбиэскэй аармыйа күнүгэр (үөрэммиччэ итинник ааттыыбын) “Дорҕоон дойдуга” көрсүһүү киэһэтин тэрийдэ.
Бэйэтэ да дьоҕус саалаҕа дьону арыычча батардыбыт эбээт. Эбии олоппос бөҕөтүн тастыбыт. Кэлэ тураллар, кэлэ тураллар.
Битээлий Былааһап оҕо сааһыттан саҕалаан доҕотторугар, итэҕэлгэ, дорҕооҥҥо, музыкаҕа, о.д.а. тиийэ кэпсээнин киһи тыыммакка да олорон истэр. Сыанаҕа кини собус-соҕотох. Ол эрээри, барыта тобус-толору. Ис хоһоонунан толору.
Манна баар – лирика, “ыараханынан” аатырар рок, нуучча улуу бард-ырыаһыттарын айымньылара, бэйэтин биллибит ырыалара… Бэл, Ойуунскай “Оҕо куйуурдуу турара” диэн үйэлээх айымньыта эмиэ ырыа курдук иһиллэр кыахтаах.
Барытын уу-судургутук кэпсээн-суруйан кэбиһэр кыаллыбат эбит. Манныгы тутан туран көрүөххэ, сэргэстэһэ олорон истиэххэ наада.
Арай, көрсүһүү кэнниттэн социальнай ситимҥэ дьон суруйбутунан ситэрэн биэриим. Ол буолуо, арааһа, бастыҥ сыанабыл.
- Өссө биир кыайыы, үрдэл!!! Кытаат, иннин диэки баран ис! Эҕэрдэни кытта Дайыыл.
- Өйүҥ, санааҥ, музыкаҥ – барыта наһаа дириҥ, киэҥ далааһыннаах. Киһи сүгүрүйэр киһитэҕин. Чугас тура да сылдьыбыппыттан бэйэбэр да ымсыырдым.
- Кэпсэппит курдук сананным. Астынным… Маладьыаскын!
- Круто!
- Бэртээхэй тэрээһин эбит.
- Наһаа үчүгэй кэнсиэр көрдүбүт! Улахан Махтал!
- Бэртээхэй концерт.
- Оһуобай! ЭҔЭРДЭ!!!
- Ити буоллаҕа – өй-санаа, тыл-өс алтыһыыта! Махтал!
- Дьэ кырдьык махтал.
- Оннук ээ. Дьон махталыттан ордук үрдүк сыанабыл суох.
- Ойуунускай, Таатта, Төрөппүттэр, Оҕо саас, Доҕоттор, Музыка, Дорҕоон дойду, Табык… Жизнь – это между прошлым и настоящим… Туоххаһыйыы, тууйуллуу, Олонхо, иэйии, кутурҕан, хомойуу, хоргутуу, эттэнии, Өрөгөй талба талаан, ылыныахха, иҥэриниэххэ, толкуйдуохха, куту-сүрү бөҕөргөтүөххэ, Олох олоруохха Орто дойдуга! Тэрчи.
- Мин олус сөбүлээтим, эрдэ барбыппыттан хомойдум. Олох бэйэҥ саҥа суол тэлэн айаннаан иһэриҥ олус бэрт.
- Өссө төгүл эҕэрдэ! Үчүгэй тэрээһин буолбут!!!
- Эҕэрдэлиибин!
- Бэҕэһээ ити тылга сыһыаннаах икки киһи баара: биирэ – Дорҕоон сиэнэ, иккиһэ – Арсен Дойду!
- Сөптөөх суолу тутан иһэр эбит “Дорҕоон дойду”!
Маныаха Битээлий Былааһап хардарбыта баар: “Туох эмэ укулааттаахпыттан сэмэйдик испэр үөрэбин”.