Арассыыйаҕа терроризмы утарыыга сомоҕолоһуу күнэ. Бу күн 2005 сыллаахха Хотугу Осетия Беслан куоратыгар 2004 сылаахха балаҕан ыйын 1-3 күннэригэр 330 киһи ол иһигэр 186 оҕо өлүүлээх терракка ананан олохтоммут. Беслан алдьархайыгар барыта тыһыынчаттан тахса киһи араас эчэйиини ылбыта, уонча спецподразделение байыаһа суорума суолламмыта.
Терроризмы утарыыга сомоҕолоһуу күнүгэр дойду үрдүнэн террактар сиэртибэлэрин, бэйэлэрин олохторун толук уурбут быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэрин ахтан-санаан ааһаллар.
Балаҕан ыйын 3 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 246-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 247-c күнэ). Сыл бүтүө 119 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Австралия — Былаах күнэ.
- Ираан — Англия саба түһүүтүн утары охсуһуу күнэ.
- Катар — Тутулуга суох буолуу күнэ.
- Кытай — Японияны кыайыы күнэ.
- Арассыыйа — Японияны кыайыы күнэ, Терроризмы утарыыга сомоҕолоһуу күнэ.
- Сан-Марино — Өрөспүүбүлүкэ олохтоммут күнэ.
- Тунис — Тутулуга суох буолуу хамсааһынын күнэ[1].
Түбэлтэлэр:
- 301 — Сан-Марино олохтоммут — Европа саамай кырдьаҕас судаарыстыбата уонна аан дойду саамай кырдьаҕас өрөспүүбүлүкэтэ. Сан-Марино нэһилиэнньэтин ахсаана 33 422 (2019 сылга) киһи, сирин иэнэ 61 км² (аан дойдуга бүтэһиктэн төрдүс).
- 1260 — Египеккэ сулууспалыыр сэрииһит кулуттар, мамлюктар, Палестинаҕа Айн-Джалут кыргыһыытыгар монгол аармыйатын кыайбыттар. Бу эргин монголлары аһаҕас хонууга да кыайыахха сөп эбит диэн өйдөбүл үөскээбит.
- 1904 — Ляоян (Хотугу Кытай) таһыгар дьоппуон сэриитэ нуучча сэриитин үлтү сынньыыта түмүктэммит.
- 1915 —Б. А. Вилькицкэй салалталаах бастакы гидрографическай экспедиция бүппүт — Хотугу муора суолунан икки хараабыл барбыттар («Таймыр» уонна «Вайгач»).
- 1917 — Ньиэмэс сэриитэ Риганы ылбыт, Петрограадка суоһаабыт.
- 1918 — Ленини өлөрө сатаабыт Ройтблат (Каплан) Фанни ытыллыбыт.
- 1928 — ВЦИК Президиума Лаамы байҕал кытылын Саха АССР-га сыһыарыы туһунан ходатайствоҕа аккаас биэрбит.
- 1941 — Повольжье ньиэмэстэрин өрөспүүбүлүкэлэрэ ыһыллыбыт, олохтоохторун көһөрбүттэр.
- 1945 — ССРС-ка Японияны урусхаллааһын күнэ биллэриллибит.
- 1953 — Никита Хрущев ССКП КК бастакы сэкиритээринэн талыллыбыт.
- 1967 — Швеция суол уҥа өттүнэн сырыыга көспүт.
Төрөөбүттэр:
- 1916 — Вера Чиряева — Саха АССР Үтүөлээх учуутала, Yөhээ Бүлүү улууhун ытык олохтооҕо.
- 1960 — Роман Готовцев — норуот маастара, норуоттар ыккардыларынааҕы кылаастаах хомус ууһа.
- 1971 — Александр Николаев — устуоруйа билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр:
- 1976 — Исай Никифоров (01.05.1915 төр.) — саха суруйааччыта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.