«2023 сыллааҕы төлөбүрдэри таһынан, иннинээҕи сылларга, хомойуох иһин, баайга-дуолга иэс баар. Суумата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 328 мөл солк, иэстээх киһи ахсаана — 151 тыһыынча. Ааспыт сыллааҕы дааннайы кытта тэҥнээн көрдөххө, көрдөрүү аҕыйыыр. Иэс 106 мөл солк кыччаата, иэстээх киһи 47 тыһыынчанан аҕыйаата», — диэтэ нолуок сулууспатын салайааччытын солбуйааччы Владислав Скрябин.
Саамай элбэх иэс Дьокуускайга — 128 мөл солк. Салгыы Нерюнгри оройуона (40 мөл солк), онтон Ленскэй (20 мөл солк), Мииринэй (18 мөл солк), Алдан (14 мөл солк), Мэҥэ Хаҥалас (11 мөл солк), Хаҥалас (11 мөл солк), Нам (9 мөл солк).
Саамай аҕыйах Эбээн Бытантай уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар, биирдии эрэ киһи иэстээх сылдьар. Аллайыахаҕа уонна Аллараа Халымаҕа — иккилии.
Анаалыс көрдөрөрүнэн, нолуогун төлөөбөккө сылдьар киһи орто сааһа — 41. Иэстээх дьонтон 57,07% эр киһи, 42,93% — дьахтар.