23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Бүлүүгэ армеец Георгий Попов бирииһигэр турнир ыытыллыаҕа

18:15, 06 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2016 сыл кулун тутар 26-27 күннэригэр Бүлүү куоратыгар Чуумпу Акыйаан байыаннай флотун гиирэ спордугар чѳмпүйүѳнэ, гвардейскай матрос Георгий Попов кэриэhигэр аhаҕас турнир буолар.


1998 сыллаахха уонна 1998 сыл кэнниттэн тѳрѳѳбүт кыргыттар 58, 63 уонна 68 кг ыйааhыннарга 12 кг ыйааhыннаах гиирэни, 68 кг ыарахан ыйааhыҥҥа 16 кг ыйааhыннаах гиирэни анньарга күрэхтэhэллэр.
1998 сыллаах уонна 1998 сыл кэнниттэн тѳрѳѳбүт уоланнар 63 уонна 68 кг ыйааhыннарга 16 кг ыйааhыннаах гиирэни, 68 кг-тан ыарахан ыйааhыҥҥа 24 кг ыйааhыннаах гиирэни өрө анньан күрэхтэhиэхтэрэ.
1997 сыллаахха уонна 1997 сыл иннинэ тѳрѳѳбүт дьахталлар 58 уонна 68 кг ыйааhыннарга 16 кг ыйааhыннаах гиирэни, 68 кг ыарахан ыйааhыҥҥа 24 кг ыйааhыннаах гиирэнэн күрэхтэhэллэр.
1997 сыллаахха уонна 1997 сыл иннинэ тѳрѳѳбүт эр дьон 68, 78, 85 уонна 85 кг-тан ыарахан ыйааhыннарга 32 кг ыйааhыннаах гиирэнэн күрэхтэhэллэр.
1977 сылтан бэттэх тѳрүѳх спорт ветераннара 75 кг диэри уонна 75 кг-тан ыарахан ыйааhыҥҥа 24 кг ыйааhыннаах гиирэнэн күрэхтэhэллэр.

«Георгий Попов Чурапчыга ыытыллыбыт Саха сирин чемпионатыгар уонна Владивосток куоракка Чуумпу Акыйаан байыаннай флотун гиирэ спордугар күрэхтэһиигэ чѳмпүйүѳннээн турар. Хаарыан уол Георгий аармыйаҕа сылдьан ыарыыга ылларан суорума суолламмыта. Дойдутугар Бүлүүгэ аҕалыллан көмүллүбүтэ.
Кини бастаабыт ыйааhыннарыгар (58 уонна 63 кг ) үс бастакы миэстэни ылбыт спорсменнарга уонна саамай үчүгэй техникалаах спорсмеҥҥа Георгий тѳрѳппүттэрэ бэйэлэрин анал бириистэрин туруораллар. Хас биирдии күрэхтэhиигэ кытта кэлбит спорсмеҥҥа уолларын туhунан кинигэни бэлэхтиэхтэрэ. Маны таhынан бириистэри Бүлүү улууhун тэрилтэлэрэ туруоруохтара«, — диэн иһитиннэрдэ «Ѳлбүт байыаннай сулууспалаахтар тѳрѳппүттэрин Сойууhа» уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэнэ Роман Обутов.

Күрэхтэhиигэ кыттыан баҕалаах спорсменнар Бүлүү улууhун спортка кэмитиэтин факсыгар (8-411-32-43-4-11) сайаапкаларгытын ыытыҥ, билсиҥ.

Аhаҕас турнирга кэлэн кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА