1778 сыллаахха Италия Милан куоратыгар аатырбыт Ла Скала опера тыйаатыра аһыллыбыт.
1930 сыллаахха Саха АССР эргиэн наркоматын быһаарыытынан Дьокуускайга эргиэн уонна сырье техникума тэриллибитэ. Билиҥҥитэ Дьокуускайдааҕы потребительскай кооперация эргиэн уонна экэниэмикэ кэллиэһэ.
1959 сыллаахха I Москубатааҕы дойдулар ыккардыларынааҕы кинофестиваль аһыллыбыт.
1992 сыллаахха Кулаковскай А.Е. аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтоммут.
- Гуинея-Биссау — Пиджигитигэ дьону кыргыы күнэ. Португалия полицията 1959 сыллаахха хамнастарын үрдэттэрээри забастовкалаабыт куруусчуттары ытыалаабытын түмүгэр 25 киһи өлбүт. Бу кэнниттэн Гвинея-Бисауга төрүт олохтоохтор колонизатордары утары сэбилэниилээх утарсыыны оҥорбуттара, тиһэҕэр дойду Португалияттан босхоломмута
- Экватор Гвинеята — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Венесуэла — Былаах күнэ. Дойду гвардиятын күнэ
- Нигер — Тутулуга суох буолуу күнэ. 1960 сыллаахха Францияттан тутулуга суох буолбут
- Бу күн маны таһынан кумах куйаар тарҕаныытын кыччатаары Нигер хас биирдии олохтооҕо мас олордор.
Түбэлтэлэр:
- 1492 — Христофор Колумб үс хараабыла «Санта-Мария», «Пинта» уонна «Нинья» Испания Андалусиятыттан бастакы айаннарыгар туруммуттар.
- 1601 — Горосло аттыгар кыргыһыыга кыайан Австрия Трансильванияны сэриилээн ылбыт.
- 1645 — Отут сыллаах сэрии: Нёрдлинген аттынааҕы иккис кыргыһыыга Франция сэриитэ Рим импиэрийэтин сэриитин кыайбыт.
- 1736 — Улуу Хотугу эспэдииссийэ Баһылай Прончищев салайааччылаах төрдүс этэрээтэ Өлөөн өрүһүн төрдүттэн байҕал устун айаннаан Анаабыр өрүһүн төрдүгэр тиийбит. Тохтоон баран геодезист Чекины өрүһү ойуулата уонна олохтоохтор кэпсээбит тимирдэрин көрдөтө ыыппыт.
- 1778 — Италия Милан куоратыгар аатырбыт Ла Скала опера тыйаатыра аһыллыбыт.
- 1904 — англичааннар эспэдииссийэлэрин чилиэттэрэ арҕааҥы дьонтон бастакыннан Тибиэт киин куоратыгар Лхасаҕа киирбиттэр.
- 1912 — Туурсуйа Албанияҕа автономия биэрбит. Албаан тылын оскуолаҕа үөрэтэри көҥүллээбит.
- 1918 — Саха сиринээҕи Оробуочай, бааһынай уонна саллаат дьокутааттар сэбиэттэрин исполкома уонна куоракка олорор кыһыл этэрээт үрүҥнэртэн куотан икки борохуотунан Бүлүүгэ айаннаабыттар. Сотору кэминэн Дьокуускайга өрөбөлүүссүйэни утарар Уобаластааҕы Сэбиэт үлэтин салҕаабыт.
- 1930 — Саха АССР Эргиэн наркоматын быһаарыытынан Дьокуускайга эргиэн уонна сырье техникума тэриллибитэ. Билиҥҥитэ Дьокуускайдааҕы потребительскай кооперация эргиэн уонна экэниэмиэкэ кэллиэһэ.
- 1952 — Хельсинкигэ XV Олимпиада сабыллыытын сиэригэр-туомугар ССРС спортсменнара аан бастаан кыттыбыттар.
- 1959 — I Москубатааҕы дойдулар ыккардыларынааҕы кинофестиваль аһыллыбыт.
- 1992 — Кулаковскай А.Е. аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтоммут.
- 1994 — Арассыыйа Федерацията уонна Башкортостаан Өрөспүүбүлүкэтэ боломуочуйа тырыы туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
Төрөөбүттэр:
- 1940 — Степан Эверстов — Саха сирин таас үйэтинээҕи устуоруйатын чинчийбит археолог, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1960 — Александр Борисов (2019 өлб.) — СӨ судаарыстыба уонна түмэт дьайыксыта, П.И. Дудкин аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ сибээһин үтүөлээх үлэһитэ.
Өлбүттэр:
- 1968 — Константин Рокоссовскай — Cэбиэскэй Сойуус маршала, икки төгүллээх Cэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- 2008 — Александр Солженицын — нуучча суруйааччыта, Нобель бириэмийэтин лауреата.