22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Амма улууһугар буолар Олоҥхо ыһыаҕар 25 тыһыынча киһи сылдьыаҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

25 тыһыынчаттан тахса киһи Амма улууһугар XVII национальнай бырааһынньыкка Олоҥхо ыһыаҕар мустуоҕа. Бэлэм сүүс бырыһыан.

«Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа буолар эбийиэгэ сүүс бырыһыан бэлэм. Тутуулар бэлэмнэр, уотунан хааччыллыы толору, уу хас биирдии учаастакка аҕалылынна. Саҥа эбийиэктэр баар буоллулар: хомусчуттар былаһааккалара. Бу хайысханы сайыннарар былаан турар, Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн. Ыччат дьон кыттыытыгар ананар. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар былаһааккалара баар. Спортивнай бырагыраамаҕа аан бастакытын сылгы үрдүттэн оҕунан ытыы көрүҥэ киирдэ. Быйыл презентация быһыытынан ааһыаҕа. Маннык көрүҥнэри тюрко-монгольскай бөлөх норуоттара туһаналлар. Кэлин күрэхтэһии быһыытынан киллэриллиэҕэ бырагыраамаҕа», — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников.

Сүрүн тэрээһиннэр Муона чараҥар ыытыллыахтара. Манна сиэри-туому толорууга, сүрүн тэрээһиннэр, үгэскэ кубулуйбут куонкурустар, спорт күрэхтэһиилэрин эбийиэктэрэ туруорулуннулар.

Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин эппитинэн, быйыл эмиэ бастакытын оҕо былаһаакката үлэлиэҕэ. Сиһилии: https://ysia.ru/ysyah-olonho-posetyat-bolee-25-tysyach-chelovek/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА