Санаттахха, бу суолга «Безопасные качественные дороги» национальнай бырайыак чэрчитинэн ааспыт сылга 7 км аспаал ууруллубута.
«Үлэ тохтообот, быйыл өссө 10 км уурар былаан баар. 2028 сылга үлэ барыта түмүктэнэригэр эрэллээхпин, бу трасса сылы эргиччи туттуллар буолуоҕа», — эттэ Айсен Николаев.
Саха сиригэр 2025 сылга барыт 120 км суолу уонна муосталары саҥа «Инфраструктура для жизни» нацбырайыагынан оҥоруохтара.
Тырааныспар инфраструктуратын сайыннарыы тиэмэтэ Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар сүрүн миэстэни ылбыта.