22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Александр Жирков Алтаай уонна Тыва парламеннарын салайааччыларын кытта көрүстэ

09:01, 24 мая 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков норуоттар икки ардыларынааҕы  «Алтаай Форумун” тэрийэр сүбэ мунньахха кытынна. Сүбэ мунньах кэмигэр Александр Жирков Алтаай Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын — Эл Курултай Бэрэссэдээтэлин Артур Кохоевы уонна Тыва Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Хуралын Бэрэссэдээтэлин Кан-оол Давааны кытта көрүстэ.

Алтаай парламенын спикерэ Артур Кохоев Тыва уонна Саха өрөспүүбүлүкэлэрин парламеннарын салайааччыларын ыҥырыыны ылынан кэлбиттэригэр махтанна уонна бу өрөспүүбүлүкэлэр парламеннарын икки ардыларыгар балайда кэм устата дьыалабыай уонна доҕордуу сыһыан олохсуйбутун бэлиэтээтэ.

 Александр Жирков национальнай өрөспүүбүлүкэлэр парламеннарын салайааччыларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан эҕэрдэ тириэртэ.  Кини уруулуу норуоттаах өрөспүүбүлүкэлэр парламеннара  сокуону оҥорууга эрэ буолбакка, гуманитарнай, культурнай,  онтон да атын эйгэлэри хабан бииргэ үлэлииллэрин бэлиэтээтэ. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Парламенын көҕүлээһининэн бу үс өрөспүүбүлүкэҕэ «Эпическэй нэһилиэстибэни харыстыыр туһунан» сокуоннар ылыллыбыттара. Салгыы, Саха парламена эпическэй нэһилиэстибэ туһунан федеральнай сокуон бырайыагын оҥорон РФ Судаарыстыбаннай Дууматыгар киллэрбитин Алтаай уонна Тыва парламеннара бастакынан өйөөбүттэрэ. Бу сокуон бырайыага  РФ норуоттарын тылынан уус-уран нэһилиэстибэлэрин харыстыыр туһунан сокуоҥҥа кубулуйан, билигин Федеральнай Мунньах көрүүтүгэр сылдьар.

Тыва парламенын салайааччыта Кан-оол Даваа үс национальнай өрөспүүбүлүкэ, ону таһынан Татарстан, Башкортостан парламеннарын салайааччылара Александр Жирков этиитин ылынан,  бэйэлэрэ көҕүлэһэн,  “Аан дойду норуоттарын эпическэй айымньылара” диэн бырайыак оҥоһуллан, бу норуоттар икки ардыларыгар эпическэй айымньылары хардарыта тылбаастааһын үлэтэ ситиһиилээхтик бара турар диэн анаан бэлиэтээтэ.

Кан-оол Даваа этиитинэн, саха “Ньургун Боотур” олоҥхотун Тыва учуонайдара  бэйэлэрин тылларыгар тылбаастаан бэчээккэ бэлэмнииллэр. «Хардарыта сүбэнэн үлэлиир биһиги норуоттарбыт интэриэстэрин кыахтаахтык туруорсарбытыгар улахан көмөлөөх, — диэтэ Тыва парламенын Бэрэссэдээтэлэ. —  Билигин парламеннар икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһин биһиги өрөспүүбүлүкэлэрбит Бырабыыталыстыбаларын уонна Баһылыктарын икки ардыларыгар хардарыта туһалаах үлэҕэ тириэрдэр».

Салгыы Александр Жирков, Кан-оол Даваа уонна Артур Кохоев Алтаай Өрөспүүбүлүкэтин парламенын – Эл Курултай дьокутааттарын кытта көрүстүлэр. Истиҥ быһыыга барбыт көрсүһүүгэ Ил Түмэн бастакы  вице-спикерэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэниитин, билиҥҥи олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин туһунан сиһилии кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата.

Россия Федерациятыгар киирэр национальнай өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрин судаарыстыбаннастарын харыстааһыҥҥа, бөҕөргөтүүгэ биир соруктаах үлэлииллэр.

Бу хайысхаҕа биһиги ситиһиибитин ситиһии курдук, кыһалҕабытын кыһалҕа курдук аһаҕастык кэпсэтэрбит, сүбэлэһэрбит  хайабытыгар да ордук туһалаах буолуоҕа, ону тутуһуохтаахпыт”, — диэн  Александр Жирков уруулуу өрөспүүбүлүкэ парламентарийдарын кытта көрсүһүүнү түмүктээтэ.

Ааптар: Сергей Васильев

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА