Норуот, төрөппүттэр уопсастыбаннай түмсүүлэрин туруорсууларынан, Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн, 2005 сыллаахха Дьокуускайдааҕы Национальнай гимназия (дириэктэр Н.К.Чиряев) иһинэн аһыллыбыт “Айыы кыһата” оскуола саҥа дьиэтин акылаата от ыйын 1 күнүгэр, түһэрилиннэ.
Сарсыарда 11 чаастан куорат 203-с микрооройуонугар сахалыы таҥастарын дьоһуннаахтык кэтэн, төрөппүттэр, педагогтар, араас сыллардааҕы выпустар уонна бүгүҥҥү үөрэнээччилэр бу умнуллубат түгэҥҥэ кытта кэлбиттэр.
Сахалыы сиэри-туому тутуһан
Үөрүүлээх, өрөгөйдөөх тэрээһиҥҥэ Дьокуускай баһылыга Айсен Николаев, куорат думатын бэрэссэдээтэлэ Александр Саввинов, мэрия үлэһиттэрэ, тутааччылар кыттыыны ыллылар.
Айсен Сергеевич: «Бу куорат сиригэр-уотугар тутулла турар оскуолалартан саамай улаханнара уонна сыаналаахтара. Маннык оскуола наадатын өйдүүбүт. “Айыы кыһата” мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар үөрэх кыһата. Бу саҥа оскуола дьиэтэ 2019 сылга балаҕан ыйын 1 күнүгэр үлэҕэ киириэҕэ», — диэн туран, “Айыы кыһата” оскуола акылаата кутуллуутун саҕалыыр бэлиэ кнопканы баттаабытын мустубут дьон уруйдаан, дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
«Саҕаланна!»
Бу 550 миэстэлээх, 3 мэндиэмэннээх, 2 спортивнай саалалаах, үс мэндиэмэн үрдүктээх ураһалаах, Олоҥхо саалалаах, айар үлэҕэ мастарыскыайдардаах, аактабай саалалаах, остолобуойдаах, үҥкүү саалалаах, бибилэтиэкэлээх, аныгылыы оҥоһуулаах, сахалыы тыыннаах бэртээхэй дьиэ буолуоҕа.
Лидия Петровна Шамаева, “Айыы кыһата” оскуола дириэктэрэ:
— Чахчы, күүтүүлээх-кэтэһиилээх күммүт үүннэ. Олус долгутуулаах түгэн. Ыра санаабыт туолан иһэриттэн саамай үөрбүт, астыммыт дьонунан төрөппүттэр, педагогтар буолабыт, уонна, биллэн турар, үөрэнээччилэрбит. Бу уратылаах тутуу буолар. Биһиги оскуолабыт Дьокуускай куорат саҥа 203-с микрооройуонугар судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥинэн тутуллуохтаах 5 оҕо тэрилтэтин тутуу төрүтүнэн буолар. Ол эбэтэр, “Айыы кыһатын” сэргэ манна салгыы икки оҕо саада, оҕо искусствотын оскуолата уонна оҕо бибилэтиэкэтэ тутуллуохтара. Барыта олоххо киирдэҕинэ — бүтүн оҕо куората дьэндэйиэ.
12 сыл эрэнэ күүтүллүбүт үтүө күн чахчы үүннэ. “Айыы кыһата” саҥа дыбарыаска киирэр үөрүүлээх күнэ, хонон турдахпыт аайытын, чугаһаатар-чугаһаан иһиэҕэ.