15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Ахсынньы 21 күнэ. Сыл бүтүө 10 күн баар - Бикипиэдьийэ

09:01, 21 декабря 2021
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэлиэ күннэр

  • Күн туруута (Сир хотугу аҥарыгар кыһыҥҥы туруу ахсынньы 21 эбэтэр 22 күнүгэр буолар) уонна ону кытта ситимнээх күннэр:
    • Күөх ороһооспо (сорох протестааннарга, католиктарга, лютерааннарга, методиистарга). Бу сыл ордук уһун түүнүн көрсө арҕаа христианнар сорох сыаркаптарыгар чугас дьоннорун соторутааҕыта сүтэрбит дьоҥҥо анаан сулууспа ыыталлар
    •  Кытай Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ Япония Соҕуруу Кэриэйэ Вьетнам — Дунчжи бэстибээл. Инь уонна Янь бөлүһүөпүйэтигэр хараҥа уонна сырдык алтыһыылырагыр суолталаах күн быһыытынан бэлиэтэнэр. Үксүн дьон аймахтарын кытта бэлиэтииллэр
    •  Шри-Ланка — Сангхамитта күнэ (буддизм Тхеравад салаата бэлиэтиир). Сангхамитта диэн биһиги эрабыт иннинэ олоро сылдьыбыт манаах дьахтар (б.э.и. 282 с. — б.э.и. 203 с.), ол саҕанааҕы Ииндийэ ыраахтааҕыта Ашока кыыһа, буддизмы аан бастаан Шри-Ланка сиригэр илдьибит дьонтон биирдэстэрэ.
    • Йоль (неоязычество) — былыргы германецтартан төрүттэрин ааҕынар дьон үксүн бэлиэтииллэр, мусталлар, аһыыллар, бэлэх бэлэхтэһэллэр
    • Зиемассветки (былыргы Латвия)
  •  Пилипиин — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
  •  Массачусетс, Плимут — Өбүгэлэр күннэрэ
  •  Сан-Томе уонна Принсипи — Сан-Томе күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1237 — Бату хаан сэриитэ хас да күн сэриилээн Рязань куораты ылбыт. Куораты урусхаллаабыттар, кинээһи өлөрбүттэр. Куорат бу кэнниттэн саҥаттан тутуллубатаҕа, билигин ол сир Эргэ Рязань диэн ааттанар, кэлин бу сиртэн 50 км ыраах турар атын куораты Рязань диэн ааттаабыттара.
  • 1913 — «New York World» («Нью-Йорк Уорлд») хаһыакка бастакы аныгылыы кроссворд тахсыбыт, ааптара — Артур Уинн.
  • 1941 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Таиланд уонна Дьоппуон ыккардыларыгар кыттыгастыы пакт түһэрсиллибит.
  • 1965 — ХНТ Генеральнай ассамблеята Раасанан дискриминация бары көрүҥүн суох гынар туһунан дойдулар ардыларынааҕы декларацияны ылыммыт.
  • 1975 — Бүлүүтээҕи ГЭС иккис уочарата үлэҕэ киирбит.
  • 1988 — Аан дойдуга саамай улахан сөмөлүөт Ан-225 «Мрия» бастакытын көппүт.
  • 1991 — ССРС суох буолуута уонна Тутулуга суох судаарыстыбалар холбоһуктара (СНГ) тэриллиитэ.
  • 2007 — Шенген сөбүлэҥэр 9 дойду киирбит — Литва, Латвия, Эстония, Польша, Чехия, Словакия, Словения, Венгрия уонна Мальта.
  • 2012 — YouTube уонна интэриниэт устуоруйатыгар аан бастаан биир видеоклип көрүүтэ 1 миллиард буолбут. Бу видеонан Соҕуруу Кэриэйэ PSY диэн аатынан биллэр ырыаһытын «Gangnam Style» ырыата буолбут.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова