29 Муус устар 29.04
  • -1°
  • $ 91,78
  • 98,03

Саргылана Соломонова иитэр саха ынахтарын Покровскай уруһуйдьут оҕолоро көрдүлэр

Хаартыска: Хаҥалас хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн Покровскайдааҕы Оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолатын 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын филиалын үөрэнээччилэрэ салайааччылара Вячеслав Максимовы уонна төрөппүттэрин кытта Еланкаҕа пленергэ сырыттылар.

Манна уруһуйдьуттар Саргылана Соломонова иитэр саха ынахтарын көрдүлэр, кэрэ көстүүлээх кыһыҥҥы айылҕаҕа экскурсиялаатылар.

Хаартыска: Хаҥалас хаһыат

Быйыл Россияҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар «Всей семьей» бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак чэрчитинэн кыттааччылар араас тэрээһиҥҥэ сылдьан, уустуга суох сорудахтары толорон, бириистээх оонньууга кыттыахтарын сөп, суруйда Парасковия Максимова, Улахан Аан сэлиэнньэтэ.

Хаартыскаҕа Пудовтар уонна Максимовтар дьиэ кэргэттэрэ.

Хаартыскаҕа түһэрдэ: Владимир Григорьев.

@gazetahangalas

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА