Алтынньы 5 күнүгэр Мииринэй куоракка «Санкт-Петербургтан Мииринэйгэ» диэн ааттаах бүтүн Арассыыйатааҕы автопробег түмүктэннэ. Экспедиция кыттыылаахтара гааһынан барар массыынанан сырыттылар.
Автопробег кыттыылаахтарын кытары Ил Дархан Айсен Николаев видеоконференцсвязь көмөтүнэн көрүстэ. Кини айанньыттар 8 300 км.бартарын, дойду 21 эрэгийиэнин көртөрүн бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев Саха сирэ бүтэһик сылларга гаас эрэгийиэнин быһыытынан сайдан эрэрин эттэ. Саха сирин арҕаа өттүгэр Арассыыйа биир бөдөҥ гаас киинэ тэриллэр. ««Сахатранснефтегаз», «Саханефтегазсбыт», ЯТЭК, «Атомэнергомаш» уо. д.а. хампаанньалар гаас оттугун оҥоһуутунан миэстэтигэр дьарыктаналларын биһиги өйүүбүт«, — диэтэ Ил Дархан.
Промышленность уонна геология миниистирэ Максим Терещенко автопробег дойду олохтоохторугар, улахан хампаанньаларга айылҕа гааһа атын оттуктартан экология, технико-экономическай өттүнэн быдан ордугун көрдөрөөрү ыытыллыбытын эттэ. Үс нэдиэлэлээх автопробегка кыра массыыналар, спецтиэхиньикэ, оптуобустар кытыннылар. Автопробег кыттыылаахтара айан устатын тухары гааһынан сапараапкалыыр ыстаансыйалар ахсааннарын, кыамталарын, кыһалҕаларын бэлиэтээтилэр. «Сырыы түмүгүнэн дойдуга гаас оттуга сайдарыгар туһааннаах этиилэр РФ энергетика министиэристибэтигэр ыытыллыахтара«, — диэтэ миниистир.
Массыынанан айаны «АЛРОСА» хампаанньа көҕүлээһининэн Саха сирин бырабыыталыстыбата өйөөбүт. Бырайыагы РФ энергетикаҕа министиэристибэтэ, национальнай газомоторнай ассоциация, «Газпром газомоторное топливо» ХЭТ, эрэгийиэннэр сэҥээрбиттэр.