21 Ахсынньы 21.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта толору киэбинэн Новосибирскайга бэчээттэннэ

14:24, 25 октября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РАН СС гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт учуонайдара Улахан быһаарыылаах тылдьыты оҥорон бүтэрдилэр. Тыл үөрэхтээхтэрэ үлэни өссө 1972 сыллаахха саҕалаабыттара. Тылдьыт күн сирин көрдө. 


15 томнаах саха тылын быһаарыылаах тылдьыта Новосибирскайдааҕы «Наука» издательствоҕа бэчээттэннэ. 9496 сирэйдээх, 80-ча тыһыынча тыл уонна фразеологизм киирдэ диэн, СИА-ҕа наука ситиһиилэрин сырдатар управление иһитиннэрдэ.

2019 сыл ООН тэрилтэнэн төрүт норуоттар тылларын Сылынан биллэриллибитэ. Омуктар дьыалаларынан дьарыктанар федеральнайдааҕы агентство Бүтүн Россиятааҕы «Ключевое слово» III конкурс түмүгүн биллэрбитэ. Конкурс Россияҕа олорор норуоттар тылларын баайын харыстааһыҥҥа уонна киэҥ араҥаҕа тарҕатыыга ананар. Саха сирин лексикографтарын 15 томнаах «Большой толковый словарь якутского языка» үлэлэрэ «Лучший научный проект 2019 года» номинацияҕа кыайбыта.

Тылдьыты оҥорууга чинчийээччилэр 1970 сыллаахха хомуура саҕаламмыт Академическай картотеканы туһаннылар. Онно билигин 3 мөлүйүөнтэн тахса цитататалаах карточкалаах. Бу саха тылын лексикатын уонна фразеологиятын фондун толорор.

«Манна национальнай литература, фольклор, нуучча уонна аан дойду классиктарын тылбаастара, саха суруйааччыларын айымньылара барыта туттулунна, — диир бырайыак ааптара, институт сүрүннүүр научнай сотруднига, филологическай наука кандидата Владимир Монастырёв.  Бу картотеканан туһанан биһиги тылбыт баайын, тыл тутулун, суолтатын, эгэлгэтин толору көрдөрдүбүт. Тыл туттуллуутун чуолкай семасиологическай суолтата эмиэ быһаарылынна».

Филологтар этэллэринэн, тылдьыт инникитин ханнык баҕарар атын тылдьыты оҥорорго сүдү туһалаах буолуоҕа, итиэннэ түүр, монгуол уонна тунгусо-маньчжурскай тыллары ырытыыга туттуллуон сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА