ДНР-га беспилотниктар оператордарын уонна пулеметчиктары үөрэтэр киин салалтатын кытта биир кэлим сүрүннүүр киин салайааччыта — бастакы вице-премьер — РФ президенигэр Саха сириттэн бастайааннай бэрэстэбиитэл Андрей Федотов кэпсэттэ.
Кииҥҥэ радиоэлектроннай киирсии, мониторинг комбинированнай систематыгар, БПЛА ньымаларыгар, бырагырааманан хааччыйыыга, анал сыһыарыылары үлэлэтиигэ беспилотниктарынан салайыыга үөрэтэллэр.
«Сыала уонна дьүүллэһиллэр боппуруос — биһиги байыастарбытын бойобуой идэҕэ үөрэтэн бэлэмнээһин, саамай үрдүк таһымҥа. Бастатан туран, пулеметчиктары, БПЛА оператордарын уонна бронетехникаҕа штурмовиктары», – диэтэ Андрей Федотов.
«Салалтаны кытта толору өйдөһүү баар. Бииргэ үлэлиэхпит, Саха сириттэн байыаннай сулууспалаахтары манна бэлэмниэхпит уонна байыастары бэлэмниир кииҥҥэ көмөлөһүөхпүт», – диэтэ Федотов.