Саха сирин профсозтарын Федерациятын президиума өрөспүүбүлүкэҕэ эпидемиологическай балаһыанньа уустуктардааҕынан, үлэһиттэр сомоҕолоһууларын норуоттар икки ардыларынааҕы күннэрин уонна миитиннэри ыытыыттан туттунары эттэ. Ол туһунан тэрилтэ салайааччыта Николай Дегтярев иһитиннэрдэ.
«Бэҕэһээ президиум мунньаҕар Первэй маайдааҕы бырааһынньыгы хаамсыыта уонна миитинэ суох социальнай ситимнэр уонна СМИ нөҥүө ыытыахха диэн быһаарыы ылынныбыт. Быһаарыы ыарахан, ити эрээри бары биир санаанан ылынныбыт. Биһиэхэ, бастатан туран, үлэһиттэр уонна олохтоохтор доруобуйалара. Биһиги быһаарыыбытын өйүүргүтүгэр уонна социальнай ситимнэр нөҥүө ыытыллар аахсыйаларга, куонкурустарга көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт», — диэтэ Саха сирин профсоюзтарын Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев.
Президиум ыҥырыытын тэрилтэлэр үлэһиттэригэр туһаайда уонна саайтыгар бэчээттээтэ. Онон, историяҕа аан бастаан Бастакы маай бырааһынньыга интерактивнай көрүҥүнэн ыытыллар буолла.