24 Сэтинньи 24.11
  • -27°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сиригэр эһэлэр нэһилиэнньэлээх пууннарга тахсар түбэлтэлэрэ элбээтэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр бороҥ эһэ ахсаана элбээн, дьон олорор нэһилиэктэригэр ас көрдөөн кэлэр түгэннэрэ элбээтэ. Региоҥҥа кинилэр ахсааннарын сүрүннүүр анал биригээдэлэри үөскэтэллэр, диэн өрөспүүбүлүкэ экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Бу куннэргэ Дьааҥы улууһун Чөрүмчэтигэр тыатааҕы чааһынай дьиэ олбуоругар киирэн ыты таппыт. Ыам ыйын саҥатыгар Өлүөхүмэ улууһун бастакы Нөөрүктээйи нэһилиэгэр эһэ ынахтарга саба түспүтэ.

Экологияҕа иһитиннэрбитинэн, урукку сыллар көрдөрүүлэринэн тыатааҕы мэнээктиэн сөсптөөх сирдэригэр, уопуттаах булчуттар уонна судаарыстыбыннай инспекттордар биригээдэлэрин тэрийэр туһунан быһаарыыны ылыннылар.

Сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн олохтоохтор доруобуйаларыгар кутталы үөскэтэр 43 эһэни бултуур туһунан 32 быһаарыы ылылынна. 11 тыатааҕыны бултаатылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар