24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Саха сиригэр 290 км кэриҥэ массыына суолун өрөмүөннүөхтэрэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Алтынньыга суол оҥорооччулар 50-тэн тахса км усталаах массыына суолун асфаллыахтара. «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан региоҥҥа 290 километр кэриҥэ массыына суолун өрөмүөннүөхтэрэ, диэн СӨ Управтодор иһитиннэрдэ.

«Суол ситимэ» региональнай бырайыагынан быйыл массыына суолун нормативнай турукка киллэриигэ улахан үлэ барар. 289 км массыына суолун үлэҕэ киллэрии былааннанар, онтон 254,5 км региоҥҥа уонна 34,6 км Дьокуускайга киириэҕэ.

Күн бүгүн, 130 км сири асфалынан бүрүйдүлэр, бу сыллааҕы былаантан 45 % тэҥнэһэр. Ол курдук региональнай суолларынан көрдөрүү 105 км, эбэтэр 42% буолла, Дьокуускайга – 24 км, эбэтэр 70% тэҥнэстэ.

Алтынньыга асфалынан уонна бетонунан 50,9 км массыына суолун бүрүйүөхтэрэ,  олортон регион үрдүнэн 21 км элбэҕи, Дьокуускайга — 29 км. Сэтинньи ый түмүгүнэн суол таҥаһын ууруу уһуна 289 км тэҥнэһиэҕэ, эбэтэр былаан 100% туолуоҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА