Саха сиригэр 2022 сылга турист кэлиитэ 45% улаатара былааннанар. 2021 сыллааҕы 138 тыһ киһи көрдөрүү 200 тыһ киһиэхэ тиийиэхтээх. Ол туһунан ТАСС-ка туризм миниистирэ Тимур Ханды Петербургтааҕы улахан форум кэмигэр эттэ.
«Пандемия кэмигэр турпоток 114 тыһ киһиэхэ диэри түстэ. Сорох хампаанньалар пандемияны тулуспатылар. Быйыл 200 тыһ туриһы күүтэбит, былырыын 138 тыһ этэ», — диэтэ миниистир.
Ханды эппитинэн, Саха сиригэр 26 туроператор баар, алтата — Арктикаҕа. Регион былааһа комфортнай сынньалаҥы тэрийиигэ иннфраструктураҕа күүскэ үлэлииргэ бэлэм. Суол тутуута, Саха сирин дьикти, ураты айылҕалаах сирдэригэр туристар тиийиилэрин хааччыйыы.
Салайааччы эппитинэн, авиабилиэт сыаната үрдүк. Бу боппуруоһу өрөспүүбүлүкэ салалтата тырааныспар министиэристибэтин, «Ростуризмы» кытта быһаараллар. Чуолаан, 50% субсидиялар олохтоноллорун ситиһэллэр.