Күндү Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Өбүгэлэрбит айан-чочуйан хаалларбыт сүдү айымньыларыгар саха норуотун өлбөт-сүппэт муудараһа иҥэн сылдьар. Ол курдук Олоҥхо киһи модун кыаҕын, өркөн өйүн уруйдуур, сырдык күүс хара дьайы кыайарын, төрөөбүт дойду чэчирии сайдарын туһугар биир санаалаах, түмсүүлээх буолуу тоҕоостооҕун хоһуйар. Бу үйэлээх баайбыт ханнык баҕарар уустук кэми туоруурга, тылбытын, төрүт үгэспитин чөл хаалларарга көмөлөһөрө, көмөлөһөр даҕаны.
Сыл ахсын ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар Саха сиринээҕи эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ таһыттан эмиэ олоҥхоһуттар уонна олоҥхону чинчийээччилэр кыттыыны ылаллар. Үөһээ Бүлүүгэ буолан ааспыт ЮНЕСКО шедеврдэрин көрсүһүүлэрин норуоттар икки ардыларынааҕы IV бэстибээлэ култуура эйгэтигэр быйылгы сүрүн тэрээһининэн буолла. ЮНЕСКО биһиги олоҥхобутун өссө 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан (шедевринэн) билиммитэ.
Кэлэр сылга Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ХVI ыһыаҕа хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар култуураларыгар ананыаҕа.
Быйыл – Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар – олоҥхону үйэтитээччилэргэ Ил Дархан истипиэндьийэтэ олохтонно. Ол курдук бу истипиэндьийэ бүгүҥҥү дьоро күҥҥэ, сэтинньи 25 күнүгэр, сэттэ олоҥхоһукка, сэттэ оһуохай этээччигэ уонна сэттэ тимир ууһугар аан бастаан туттарыллыаҕа. 2027 сылга диэри Эпос уонна искусство арктикатааҕы киинин салалтатынан Олоҥхо Дьиэлэрин биир кэлим тиһигэ тэриллиэҕэ.
“Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону хос бэчээттээн таһаарыы уонна бу олоҥхо матыыбынан сахалыы операны туруоруу үбүлүөйдээх сылга Саха сирин олохтоохторугар дьоһун бэлэх буолуохтара. Оттон Саха сирин норуоттарын тылларын уонна култуураларын үйэлээх баайын сыыппараҕа киллэрэр киин аһыллыыта аныгы технологиялар көмөлөрүнэн олоҥхону өрө таһаарар кыаҕы үөскэтиэҕэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Сыл аайы ыытыллар Олоҥхо дэкээдэтигэр көхтөөхтүк кыттан, олоҥхо алыптаах дойдутугар ыалдьыттыыргытыгар ыҥырабын! Айбыккыт айхалланнын, оҥорбуккут уруйданнын, чэгиэн-чэбдик буолуҥ, олоххут уйгута улааттын, дьол-соргу тосхойдун!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев