Россия Үлэ кодексыгар учууталлар хамнастарын ааҕыы тутулун уларытыы туһунан көннөрүүнү дойду үөрэҕин министиэристибэтэ бэлэмниир. Бу туһунан РИА новости иһитиннэрэр.
Хамнас пуондатын 70%-на булгуччулаах акылаакка, онтон хаалбыт 30%-на араас эбии төлөбүргэ ыытыллара былааннанарын туһунан РФ үөрэххэ миниистирэ Ольга Васильева иһитиннэрэр. Билиҥҥи туругунан маннык тыырыы куруутун туттуллубат, хас биирдии регион акылаат уонна бириэмийэ кээмэйин араарыыны бэйэтэ быһаарар.
Маны тэҥэ сотору кэминэн дойду Үлэ кодексыгар киирэр көннөрүүнэн, үлэ төлөбүрүн олохтооһуҥҥа биир кэлим киэп олохтонуоҕа. Сүрүн мэктиэ федеральнай таһымҥа бэриллэр буолуоҕа.
Оскуола саҥа халыыба учууталлар ноҕуруускаларын үс төгүл намтатыаҕа. Ольга Васильева тириэрдэринэн, учуутал түөрт докумуону толоруохтаах: үөрэх предметын бырагыраамата, халандаарынан-тиэмэнэн былаан, электроннай суруунаал уонна электроннай дневник.
Инникик РФ үөрэҕин министиэристибэтэ РФ үлэ министиэристибэтигэр учууталлар хамнастарын хайдах үрдэтиэххэ сөбүн туһунан этиилэри киллэрбитэ.