21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Өрүс ырааһырда даҕаны суудуналар сылдьыахтара: Паром тарыыба үрдээбэтэ

14:20, 22 мая 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Билигин муус кыралаан кэлэ турар. Өрүс ырааһырда даҕаны суудуналар сылдьыахтара. Диспетчерскайга эрийэн билсэ тураарыҥ», – диэн «Дьокуускай» судоходнай хампаанньа үлэһиттэрэ иһитиннэрдилэр.


Тута, «Пассажирдары таһар райуправление» тэрилтэҕэ төлөпүөннүү сылдьыбыппытыгар, «Рукавишников» теплоход бэс ыйын 1 күнүттэн навигацияҕа тахсарын туһунан иһитиннэрдилэр. Тарыып былырыыҥҥынан хаалбыт. Үрдээһин суох. Онон Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ айаннааччылар 300 солк., оҕолор 150 солк. төлүөхтэрэ. Марлин» катер арыый даҕаны эрдэ сылдьыаҕа. Барыта гидрологическай туруктан тутулуктааҕын туһунан эттилэр.

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан быйылгы навигацияҕа 9 паром үлэлиирэ былааннанар. Оттон Хаҥалас – Суотту учаастагынан 2 уонна Мохсоҕоллоох – Хачыкаат хайысхатынан 7 паром сылдьыаҕа. Тарыып былырыыҥҥынан хаалла.

[vc_row][vc_column][vc_message message_box_style=»3d» message_box_color=»grey»]

СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Аллараа Бэстээх – Дьокуускай хайысхатынан паромунан айанныыр дьоҥҥо тарыып 122 солк., оттон оҕолорго 62 солк. (5 сааһыттан 10 сааһыгар диэри). Таһаҕаһы тиэйэр массыыналарга тарыып 405 солк. саҕалаан 1660 солк. диэри, чэпчэки тимир көлөҕө (легковые автомобили в зависимости от условного веса) – 340 солк. саҕалаан 1275 солк.; пассажирскай оптуобуска – 1535 – 2730 солк.; мотороллерга уонна матасыыкылга – 170 солк.; контейнерга – 320 – 3085 солк. тэҥнэһэр.

[/vc_message][/vc_column][/vc_row]

edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар