Владимир Санги оҕолорго аналлаах үһүйээннэрэ, номохторо, остуоруйалара сэттэ омук тылынан таҕыстылар. Кинигэни Санги 85 сааһыгар анаан, кини доҕоро, Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламенын бастакы вице-спикерэ Александр Жирков хомуйан бэчээккэ бэлэмнээтэ.
«Айар» национальнай кинигэ кыһатыгар нивх норуотун литературатын төрүттээччи, бэйэтин омугун алпаабытын, букубаарын оҥорбут, аар-саарга аатырбыт классик суруйааччы Владимир Михайлович Санги оҕолорго анаммыт остуоруйаларын, сэһэннэрин, үһүйээннэрин бэртээхэй хомуурунньуга бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэни В.М. Санги 85 сааһыгар анаан кини доҕоро, Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламенын бастакы вице-спикерэ Александр Николаевич Жирков хомуйан бэчээккэ бэлэмнээтэ.
В.М. Санги айымньылара нивх, саха, нуучча, англия, дьоппуон, ону таһынан эбэҥки уонна дьүкээгир, барыта сэттэ омук тылынан бэчээттэнэн таҕыстылар.
Санги олоҕо уонна айар үлэтэ Саха сирин кытта ыкса ситимнээх. Кини саха норуотун аҕа көлүөнэ суруйааччыларын Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, С.И. Тарасов, С.П. Данилов, С.Т. Руфов, А.В. Кривошапкин уо. д. а. чугас доҕордоро.
Владимир Санги Сахалин арыыга булдунан, балыгынан ииттинэн олорор нивх норуотун олоҕун туһунан номоҕу 1970-с сылларга биллиилээх кыргыз суруйааччытыгар Чингиз Айтматовка кэпсээбитэ. Чингиз Айтматов нивх номохторугар олоҕуран «Муора кытылынан сүүрэр эриэн ыт» диэн аан дойдуга аатырбыт сэһэни суруйбута. Режиссер Андрей Борисов бу айымньыга олоҕуран «Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээги ситиһиилээхтик туруорбута бүгүҥҥү күҥҥэ диэри үгүс дойду көрөөччүлэрин биһирэбилин ылар П.А. Ойуунускай аатынан Саха театрын чулуу испэктээгэ буолбута.
Владимир Санги биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэхтэ кэлэ сылдьыбыта. Суруйааччы төрөөбүт сиригэр Сахалиҥҥа, аатырбыт Эриэн ыт тумул арыытыгар саха дьонуттан Семен Титович Руфов уонна Александр Николаевич Жирков ыалдьыттаабыттара. Владимир Михайлович олоҕун тухары норуотун дьылҕатыгар кыһаллар, былыргы үгэстэри, сиэри-туому, култуураны харыстыыр, үйэтитэр, ыччакка тиэрдэр туһугар далааһыннаахтык ылсан үлэлиир-хамсыыр. Ааспыт 2020 сылга Владимир Михайлович 85 сааһын туолбута. Суруйааччы үбүлүөйүгэр анаан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр А.С. Владимиров, А.Н. Жирков салайааччылаах тэрийэр кэмитиэт үлэлиир. Дойдубутугар хамсык бүрүүкээбитинэн тэрээһиннэр 2021 сылга көһөрүллүбүттэрэ.
Суруйааччы айымньыларын английскайдыы С.В. Холмогорова, А.А. Находкина, В.Г. Стручков, М.С. Кривцова, дьоппуоннуу Ю.Н. Михайлов, О.В. Шашкина, М. Ольховик тылбаастаатылар. Дьүкээгир тылыгар биллиилээх худуоһунньук, суруйааччы Н.Н. Курилов, эбэҥки тылыгар СӨ национальнай библиотекатын үлэһитэ Н.Е. Кудрина тылбаастаатылар. В.М. Санги остуоруйаларыттан сахалыы Н.Ф. Васильев уонна О.Н. Корякина тылбаастаан тураллар. Нивх классигын урукку өттүгэр сахалыы тылбаастамматах номохторо, үһүйээннэрэ Александр Жирков бэйэтин тылбааһыгар тахсаллар. Кинигэҕэ нивх худуоһунньуктарын К.Ю. Тихонова, А.Н. Осипова, В.Н. Осипова уруһуйдара киирдилэр.
Соҕотох суруйааччы айымньытын сэттэ омук тылынан биир кинигэҕэ таhаарыы – урукку өттүгэр Россия литературатыгар суох. Оттон оҕолорго аналлаах кэпсээннэри маннык түмүү – кинигэ таһаарыытын историятыгар да сэдэх. Аатырбыт суруйааччы оҕолорго аналлаах айымньыларын элбэх омук тылынан таһаарыыны тэрийбит Александр Жирков бу туhунан: «Аныгы кэм элбэх тылга тардыһар оҕото оҕолорго аналлаах, үгүс омук биһирэбилин ылбыт айымньылары бастаан төрөөбүт тылынан, онтон атын омук тылларыгар тэҥнээн көрөрө, билсэрэ оҕо төрөөбүт тылын дириҥник ылынарыгар, кини төрөөбүт тыла атын хайа да омук тылыгар баһыйтарбат кэрэтин, баайын, күүһүн өйдүүрүгэр көмөлөөх буолуоҕа», – диэн быһаарар.
Бу күннэргэ Александр Жирков хомуйуутунан аны суруйааччы талыллыбыт айымньылара сахалыы тылынан тахсыахтаахтар. Владимир Санги А.Н. Жирковка ыыппыт суругар киниэхэ аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларыгар өрүү болҕомто уурарын, Россия таһымыгар туруорсарын иһин муҥура суох махталын биллэрдэ уонна ыарахан ыарыыны этэҥҥэ туорууругар, төрөөбүт норуотун, дойдутун туhугар айымньылаах, далааһыннаах үлэтин салгыырыгар баҕарда.