22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан: Саха сирин спортсменнара туруоруллубут соругу толордулар

09:04, 30 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Көҥүл тустууга Россия чемпионатыгар 61 кг дылы ыйааһыннаахтарга кыайыылаахтары уонна призердары наҕараадалааһын кэнниттэн Егор Борисов суруналыыстары кытта көрүстэ.


«Россия спортивнай тустууга Федерациятын президенэ Михаил Мамиашвилины уонна хамаанда сүрүн тренерэ Дзамболат Тедеевы кытта бу киирсиилэри көрдүбүт. Кинилэр 61 кг диэри ыйааһыҥҥа пьедесталга барыта биһиги уолаттарбыт тахсыбыттарын сөҕө-махтайа көрдүлэр. Бу олус үчүгэй. Хомойуох иһин, бу ыйааһын олимпийскайга киирсибэт. Онон биһиги салгыы үлэлэһиэхпитин наада. Бу кэскилгэ түмүк диэм этэ, тоҕо диэтэххэ кыайыылаахтар бары эдэрдэр, онон инникилээхтэр», — диэн бэлиэтээтэ Егор Борисов.

«Трибуналарга тустууну сэҥээрээччи, күрэхтэһээччилэргэ ыалдьааччы элбэҕэ үөрдэр. Биһиги спортсменнарбыт туруоруллубут соругу толордулар диэн бэлиэтиэм этэ. Бу улахан ситиһии. Уолаттарбыт ыйааһыннарыгар бэйэлэрин кыахтарын барытын туһаннылар. Федерацияны кытта кэпсэттибит, онон сотору кэминэн биһиги спортсменнарбыт кэлэр күрэхтэһиилэргэ бэлэмнэниилэрин саҕалыахтара», — диэн иһитиннэрдэ Ил Дархан.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА